Ахсынньы 28
Тас көрүҥэ
Ахсынньы 28 диэн Григориан халандаарыгар сыл 362-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 363-c күнэ). Сыл бүтүө 3 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Киинэ аан дойдутааҕы күнэ
- Азербайджан — Албакаат күнэ
- Испания — Күлүү күнэ
- Калмыкия — Калмыык омугун депортациятын толук буолбут дьонун ахтар күн
- Таиланд — Таксин хоруолу ахтар күн
- Соҕуруу Австралия (Австралия штаата) — Төрүттэнии күнэ. Британия провинциятын быһыытынан 1834 сыллаахха төрүттэммит
- Соҕуруу Судаан — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
- Арҕаа христианство — Ороһооспо 12 күнүттэн төрдүһэ
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 457 — Майориан Арҕаа Рим импиэрийэтин ыраахтааҕыта буолбут.
- 484 — Аларих II вестготтар ыраахтааҕылара буолбут.
- 1308 — Японияҕа бөрүстүөлгэ Ханадзоно олорбут.
- 1733 — Хаһаах полковнига Борис Серединин Саха сирин бойобуодатын солотуттан уурайбыт. Кини оннугар лейб-гвардия капитана Алексей Заборовскай анаммыт.
- 1895
- Парижка (Франция) «Гранд-кафеҕа» «Ини-бии Люмьердар синематографтарын» көрдөрүү буолбут. Киинэ төрүттэммит күнүнэн ааҕыллар
- ньиэмэс физигэ Вильгельм Рёнтген Вюрцбург куоракка рентген сардаҥаларын арыйбытын туһунан кэпсээбит.
- 1919 — "Холбос" сойууһун II сийиэһэ аһыллыбыт. Сийиэскэ "Холбос" 1919 сыллааҕы үлэтэ, 1920 сылга ороскуоттаныахтаах үп-харчы ырытыллыбыттар. Өлүөхүмэ уонна Бүлүү уокуруктарыгар отделениелары арыйарга быһаарбыттар.
- 1919 — Соторутааҕыта Саха уобалаһын сэриилэрин командующайынан анаммыт Болеслав Геллерт өлөрүллүбүт, кэлин биллибитинэн кинини бэйэтин дьоно кыһыллар өлөрбүттэр эбит.
- 1921 — Кыым (хаһыат) аан бастаан "Манчаары" диэн ааттанан тахсыбыта. Эрэдээктэр — Исидор Барахов. Хаһыат үлэтигэр көхтөөхтүк кыттыбыттара — Былатыан Ойуунускай, Алексей Бояров, Анемподист Софронов - Алампа.
- 1943 — ССРС Үрдүкү Сэбиэтин бөрөсүүдьүмүн Калмык АССР-ы суох гыныы туһунан ыйааҕынан НКВД сэриилэрэ калмыыктары Сибииргэ уонна Уһук Илин оройоуннарыгар көһөрүүлэрэ саҕаламмыт. Күүс өттүнэн 91919 калмыыгы депортациялаабыттар.
- 1953 — Дьокуускайга Мараат болуоссатыгар гражданскай сэрии кыттыылаахтарыгар пааматынньык тутарга быһаарыы ылыллыбыта.
- 1968 — Израиль спецнааһа Бейрут куорат аэропордугар 14 пассажирскай сөмүлүөтү урусхаллаабыт.
- 1973 — Парижка аан бастаан Солженицын «Архипелаг ГУЛАГ» айымньыта бэчээттэнэн тахсыбыт.
- 1991 — Саха АССР союзнай өрөспүүбүлүкэ буолбут, Саха ССР диэн ааттаммыт. Түөрт ыйынан 1992 сыл муус устар 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ буолбута.
- 1997 — Ил Түмэн дьокутааттарын бастакы ыҥырыыта дьокутааттар иккис ыҥырыылаах куорпустарынан солбуллубут. Ил Түмэҥҥэ быыбар буолбут. Уруккута Дьокуускай баһылыга федеральнай киин креатурата Алексей Томтосов былааска тахса сатаабыта (дьокутаатынан талыллан баран спикер буолар амбициялааҕа, оттон бэйэтэ 2014 сыллаахха биир интервьюга бэрэсидьиэн буол диэн этэ сылдьыбыттара диэбиттээх) табыллыбатах, таатталар киниэхэ куоластарын биэрбэтэхтэр.
- 1998 — Өрөспүүбүлүкэҕэ "Сылгыны иитии туһунан" сокуон (О табунном коневодстве, З N 55-II) ылыныллыбыт.
- 2007 — Непал Федерациялаах өрөспүүбүлүкэ буолбут.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1896 — I Бордоҥ нэһилиэгэр (билигин Ньурба улууһа) Степан Васильев (1943 өлб.), бэлиитикэ, уопсастыба уонна ил диэйэтэлэ, саха биллиилээх революционера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин автономиятын төрүттэспит дьонтон биирдэстэрэ.
- 1933 — Сунтаар улууһун Илимнииригэр Александра Мохотчунова — саха биллэр хореограба, «Сарыал» үҥкүү бөлөҕүн тэрийээччитэ.
- 1934 — Семен Мостахов (1934—1993) — география билимин хандьыдаата, саха географиятын билимигэр биллэр-көстөр суолу хаалларбыт учуонай.
- 1945 — Таатта улууһугар Мария Рахлеева — худуоһунньук, Арассыыйа үтүөлээх худуоһунньуга, СҺ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, Арассыыйа ойуулуур-дьүһүннүүр академиятын бочуоттаах академига, АГИИК бэрэпиэссэрэ.
- 1946 — Михаил Скрябин (1946 сыл, ахсынньы 28 күнэ — 2011, ыам ыйын 6 күнэ) — тыйаатыр уонна киинэ артыыһа.
- 1969 — Линус Торвальдс (Linus Benedict Torvalds) — аатырбыт Линукс (Linux) систиэмэ иччитин суруйбут киһи.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1925 — нуучча чулуу бэйиэтэ Сергей Есенин олохтон барбыт. Судаарыстыба билиммит версиятынан бэйиэт бэйэтигэр тиийиммит, ол гынан баран бу өлүү элбэх билиҥҥэ дылы быһаарылла илик дьиктилэрдээх.
- 1933 — Степан Гоголев (1896 с.т.), Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта.
|