1895
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1891 1892 1893 1894 — 1895 — 1896 1897 1898 1899 |
Уоннуу сыллар |
1860-с 1870-с 1880-с — 1890-с — 1900-с 1910-с 1920-с |
Үйэлэр |
XVIII үйэ — XIX үйэ — XX үйэ |
1895 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Олунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу 9 — Амыарыкаҕа Уильям Г. Морган Mintonette диэн ааттаах оонньууну айбыт. Кэлин ол оонньуу волейбол буолбута.
- Олунньу 15 — Москубаҕа Гнесиннэр диэн эдьиийдии-балыстыылар көҕүлээһиннэринэн Арассыыйаҕа бастакы оҕо музыкальнай оскуолата аһыллыбыт. Билигин — Гнесиннэр ааттарынан музыкальнай училище.
Кулун тутар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар 22 — Парижка бастакы киинэ көрдөрүүтэ буолбут. Ини-бии Люмьердар «Оробуочайдар фабрикаттан тахсаыылара» диэн киинэни көрөдөрбүттэр. Анаан ыҥырылллыбыт көрөөччүлэр фабрикаттан тахсан иһэр оробуочайдары көрбүттэр.
Ыам ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ыам ыйын 7 — Петербурга нуучча физига уонна электротехнига Александр Степанович Попов бастакы радиону көрдөрбүт.
- Ыам ыйын 8 — Кытай Тайвань арыыны Японияҕа биэрбит.
- Ыам ыйын 25 — суруйааччы Оскар Уайльд икки сыл хаатыргаҕа ыытыллыбыт.
Сэтинньи
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Сэтинньи 8 — Ньиэмэс физигэ Вильгельм Конрад Рентген элэктириичэстибэҕэ сыһыаннаахх эспэримиэннэри оҥоро сылдьан рентген сардаҥаларын булбут. Рентген сардаҥалара билигин мэдиссиинэҕэ, аэропорт куттала суох буолуутугар, дефектоскопияҕа, матырыйааллары чинчийиигэ уо.д.а. эйгэлэргэ киэҥник туттуллаллар. 1901 сыллаахха ити арыйыытын иһин Рентген физикаҕа аналлаах маҥнайгы Нобель бириэмийэтин ылбыта.
- Сэтинньи 27 — Динамиты айбыт швед химигэ Альфред Нобель кэриэһин эппит. Кини муспут баайын үксэ билим арыйыыларын уонна аан дойдуга эйэни бөҕөргөппүт дьону бэлиэтиир Нобель бириэмийэтин пуондатыгар киирбит.
Ахсынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ахсынньы 28
- Парижка (Франция) «Гранд-кафеҕа» «Ини-бии Люмьердар синематографтарын» көрдөрүү буолбут. Киинэ төрүттэммит күнүнэн ааҕыллар
- ньиэмэс физигэ Вильгельм Рёнтген Вюрцбург куоракка рентген сардаҥаларын арыйбытын туһунан кэпсээбит.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Степаненко Ион Лукич, 1939 - 1943 сыллардаахха ВКП(б) Саха обкомын сэкрэтээрэ.
- Тохсунньу 1 — Винокуров Илья Егорович - сэрии сылларыгар норуоту хоргуйан өлөртөн быыһаабыт, сэллик ыарыыга эмтэрбитин тохтотор суолга киллэрбит, Саха сирин автономиятын 1947 сыллаахха быһаары гыммыттарын көмүскээбит өҥөлөөх уһулуччулаах салайааччы.
- Олунньу 8 — Хорлогийн Чойбалсан — 1939—1952 сылларга Монголия салайааччыта (Миниистирдэр норуодунай сэбиэттэрин бэрэстээтэлэ).
- Кулун тутар 3 — Рагнар Фриш, Норвегия экономиhа
- Кулун тутар 5 — Леонтьев Василий Никанорович (1895 - 1932), литэрэтиирэ кириитигэ, уобсастыба диэйэтэлэ.
- От ыйын 28 — Семен Николаевич Донской (иккис)(1895—1938), саха судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ, үөрэҕирии уонна доруобуйа харыстабылын бастакы наркома, сахалыы бастакы учебниктар ааптардара.
- Алтынньы 3 — Сергей Есенин — нуучча чулуу бэйиэтэ, тыа олоҕун ырыаһыта, олоҕун кэлиҥҥи сылларыгар имажинист.
- Алтынньы 3 — Неустроев Николай Денисович, Саха литературатын төрүттэспиттэртэн биирдэстэрэ.
- Алтынньы 31 — Дмитрий Муксунов — Саха АССР үтүөлээх учуутала, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, норуот үөрэҕириитин туйгуна.
- Ахсынньы 15 — Ньукулай Неустроев — саха уус-уран литэрэтиирэтин төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, саха бастакы кэмиэдьийэ суруйааччыта, прозаик, бэйиэт.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Балаҕан ыйын 28 — Луи Пастер өлбүт, уһулуччулаах француз микробиолога уонна химига.