Иһинээҕитигэр көс

Есенин Сергей Александрович

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Есенин Сергей Александрович

Идэтэ Поэт, лингвист учуонай.
Илэ Нуучча
Genres Поэт
Илии баттааhына

Есенин Сергей Александрович (1895 — 1925) — нуучча чулуу поэта, тыа олоҕун ырыаһыта, олоҕун кэлиҥҥи сылларыгар имажинист.


Рязань уеһын Константиново диэн бөдөҥ сэлиэнньэтигэр бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Аҕата — Александр Никитич Есенин (1873—1931), ийэтэ — Татьяна Фёдоровна Титова (1875—1955). 1904 сыллаахха Константиново земскэй училищетыгар киирбит, онтон 1909 сыаркап-учуутал оскуолатыгар Спас-Клепики диэн сиргэ үөрэммит. Ону бүтэрэн баран 1912 сыл күһүнүгэр Есенин Москубаҕа барар, эт атыылыыр лааппыга, онтон Сытин типографиятыгар үлэлиир. 1913 Москуба куораттааҕы Шанявскай А.Л. аатынан норуот университетыгар устуоруйа-бөлөһүөпүйэ салаатыгар киирэр. Типографияҕа үлэлиир, Суриков литература-музыка куруһуогун поэттарын кытта билсэр.

Есенин хоһоонноро 1914 сыллаахха аан бастаан «Мирок» диэн оҕо сурунаалыгар тахсыбыттара.