Иһинээҕитигэр көс

Бэйэ бэлиэлэринэн солбуйуу (лингвистика)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Бэйэ бэлиэлэринэн солбуйуу тыл үөрэҕэр — тыл дорҕооннорун (фонема, аллофон, дорҕоон) анал бэлиэлэринэн (фонетическэй алфавитынан) чопчу көрдөрөн туран сурукка суруйуу. Лингвистика түөрүйэтигэр уонна быраактыкатыгар солбук араастык туттуллар.

Ааҕааччы төрүт тылыгар сахатытан бэйэ бэлиэлэринэн солбуйуу иһиллиитэ

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Бэйэ бэлиэлэринэн солбуйуу ханнык эмэ алфавиттан ылыллыбыт эмиэ оннук тыллаах бөлөх саҥатыттан (бу алфавитынан туттар этнос, субэтнос, ханнык-эмэ уобалас эбэтэр сэлиэнньэ олохтоохторо) анал бэлиэлэринэн тириэрдиэн сөп, атыннык эттэххэ тылы туттааччыга биитэр кини көрүҥүгэр (түөлбэ тылга, идиолектка) төрөөбүт тылын иһиллиитин сурунуу .

Ол курдук кириллица нууччалыы көрүҥэ (сороҕор ордук чуолкайдык тыаһы тириэрдэр сыаллаах элбэхтиктик көрүҥүгэр  уларытыллыбыт) нуучча тылын учебниктарыгар, тыл үөрэҕэр (нууччалыы матырыйаалга олоҕуран), нуучча тылын тылдьыттарыгар ордук туттуллар. Маннык суруйуу көмөтүнэн ааҕааччылары сөптөөхтүк саҥарыы уопсай быраабылаларын (литературнай саҥа нуорматын) кытта билиһиннэрэллэр, маны тэҥэ иһитиннэрии уратыларын кытта 1) туспа тыллары, тыл ситимнэрин, буукуба,дор5оон дьүөрэлэһиилэрин 2) территория олохтоохторун, төрөөбүт тыл уонна/эбэтэр түөлбэ тылы, сааһынан уо.д.а..[1]

Атын тылынан саҥарааччыларга (туох ханнык иннинэ алфавитно-фонетическай систиэмэ суругунан) маны таһынан саҥарыыны кытта билсиһэллэригэр табыгастаах, төрүт тылларын бэлиэлэрин көмөтүнэн суруллуутунан, Великобритания уонна США үөрэнээччилэрин уонна устудьуоннарын англискай тылынан суруллубут үөрэх тылдьытыгар солбук үксүгэр латыын (английскай) тупсарыллыбыт алфавитын көмөтүнэн, эбии устуруока үрдүнээҕи уонна уструока аннынааҕы охсуу уонна аһаҕас дорҕоон уһаабыт бэлиэлэринэн бэриллэр[2].

Тыл үөрэхтээхтэринэн элбэх солбук арааһа бэлиэтэнэр. Төрүт өйдөбүлү араарар бэлиэлээх саҥарыы ураты суолтата, дорҕооннору утарыта туруортаан көрүүнү фонематическэй солбук холобурдуур. Кини муҥутуур аҕыйах дорҕоон хомуурун дорҕоон холбоһугунан араарар бэлиэлээх, оннук нуучча тылтан пал [пал] уонна пол [пол], пат [пат] уонна падь [пат'] (бүтэһигэ - бүтэйдиҥи уонна бүтэһик дорҕоон сымнатыллан көрдөрүллэр) эбэтэр араастаан булочная  диэн тылы саҥарыы [чн] уонна [шн]. Мөлтөх быһыыга фонематическай бэйэ бэлиэлэринэн солбуйу�� кинилэргэ буолар дорҕооннор утарыта турсууларын учуоттуур.  Ньиргиэрдээх-ньиргиэрэ суох пааралаах нуучча бүтэй дорҕоонноругар бу быһыы букатын тыл бүтэһигэр: маннык чад уонна чат  атыылыы төрүт түһүккэ турар уонна кини солбуга [чат] көрүҥү ылынан сөп түбэһэр буолар. 

  1. Аванесов, Рубен Иванович. Русское литературное произношение. 4-е изд. М., Просвещение, 1968.
  2. Merriam-Webster Online Dictionary. http://www.merriam-webster.com/pronsymbols.html