Иһинээҕитигэр көс

Ахсынньы 28

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ахсынньы 28 диэн Григориан халандаарыгар сыл 362-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 363-c күнэ). Сыл бүтүө 3 күн баар.

  • 1896 — I Бордоҥ нэһилиэгэр (билигин Ньурба улууһа) Степан Васильев (1943 өлб.), бэлиитикэ, уопсастыба уонна ил диэйэтэлэ, саха биллиилээх революционера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин автономиятын төрүттэспит дьонтон биирдэстэрэ.
  • 1899Сергей Токарев (1985 өлб.), этнограф, устуоруйа билимнэрин дуоктара, РСФСР уонна Саха АССР билимнэрин үтүөлээх дьайыксыта, ССРС Ил бириэмиэйтин лауреата.
  • 1933 — Сунтаар улууһун Илимнииригэр Александра Мохотчунова — саха биллэр хореограба, «Сарыал» үҥкүү бөлөҕүн тэрийээччитэ.
  • 1934 — Семен Мостахов (1934—1993) — география билимин хандьыдаата, саха географиятын билимигэр биллэр-көстөр суолу хаалларбыт учуонай.
  • 1945 — Таатта улууһугар Мария Рахлеева — худуоһунньук, Арассыыйа үтүөлээх худуоһунньуга, СҺ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, Арассыыйа ойуулуур-дьүһүннүүр академиятын бочуоттаах академига, АГИИК бэрэпиэссэрэ.
  • 1946 — Михаил Скрябин (1946 сыл, ахсынньы 28 күнэ — 2011, ыам ыйын 6 күнэ) — тыйаатыр уонна киинэ артыыһа.
  • 1969 — Линус Торвальдс (Linus Benedict Torvalds) — аатырбыт Линукс (Linux) систиэмэ иччитин суруйбут киһи.
  • 1925 — нуучча чулуу бэйиэтэ Сергей Есенин олохтон барбыт. Судаарыстыба билиммит версиятынан бэйиэт бэйэтигэр тиийиммит, ол гынан баран бу өлүү элбэх билиҥҥэ дылы быһаарылла илик дьиктилэрдээх.
  • 1933Степан Гоголев (1896 с.т.), Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта.