Иһинээҕитигэр көс

Ыам ыйын 10

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Барыл 03:21, 5 От ыйын 2022; HalanTul (ырытыы | суруйуу) (Түбэлтэлэр)
(уратыта) ←Инники барыл | Билиҥҥи барыл (уратыта) | Аныгыскы барыл→ (уратыта)

Ыам ыйын 10 диэн Григориан халандаарыгар сыл 130-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 131-c күнэ). Сыл бүтүө 235 күн баар.

  • Б.э.и. 28 сылКытайга Чэн Хань ыраахтааҕы (Хань династия) кэминээҕи астрономнар Күҥҥэ эбирдэри булбуттар.
  • 1294 — монгуол хаҕана Тимир Юань династия импэрээтэринэн биллэриллибит.
  • 1503Христофор Колумб Кайман арыыларын булбут.
  • 1796Бастакы коалиция сэриитэ: Наполеон Италияҕа Австрия сэриилэрин Лоди күргэтин аттынааҕы кыргыһыыга үлтүрүппүт. Австриялар 2000 кэриҥэ киһилэрин сүтэрбиттэр.
  • 1857Ииндийэҕэ 1857 сыллааҕы өрө туруу: Ииндийэҕэ Мирут диэн сиргэ сипай саллааттар ааҥыл хамандыырдарын утары өрө турбуттар. Ииндийэ тутулуга суох буолуутун иһин бастакы сэрии саҕаламмыт.
  • 1877 — Румыния Осмаан Импиэрийэтиттэн тутулуга суоҕун биллэрбит.
  • 1887Александр III ыраахтааҕы Москубаҕа Кыһыл болуоссакка баараҕай Үөһээ эргиэн эрээттэрин тутарга уураах таһаарбыт (кэлин ГУМ).
  • 1907 — Арассыыйа импиэрийэтин миниистирдэрин сэбиэтин бэрэстээтэлэ Пётр Столыпин Госдуумаҕа аатырбыт тылларын эппит: «Эһиги улуу аймалҕаҥҥа дьулуһаҕыт, оттон биһиги — улуу Арассыыйаҕа».
  • 1917 — Дьокуускайга Быстах кэм бырабыыталыстыбатын Уобаластааҕы хамыһаарынан эсер Василий Соловьев талыллыбыт.
  • 1931 — ЯЦИК «О национальных районах и внешних границах Якутской АССР» диэн уурааҕа тахсыбыта. Бу уурааҕынан эбэҥкилэр олорор сирдэригэр хас да оройуон тэриллибитэ уонна Чукотка национальнай уокуруктан Саха АССР састаабар Арҕаа Туундара сирэ киирбитэ, ыам ыйын 20 күнүгэр Аллараа Халыма оройуона диэн ааттаммыта.
  • 1933Германияҕа нацистар маассабай кинигэ уоттаһыннарын тэрийбиттэр.
  • 1937ССРС-ка ЦИК уонна совнарком быһаарыыларынан аармыйаҕа хамыһаардары төннөрбүттэр. Бу аармыйаҕа барбыт репрессия кэмигэр баартыйа хонтуруолун күүһүрдэр ньыма этэ.
  • 1939 — Халыма-Индигир пароходствота үөскээбит.
  • 1940Аан дойду иккис сэриитэ: Германия Францияҕа, Нидерлааҥҥа, Бельгияҕа уонна Люксембуурга саба түспүт.
    • Невилл Чемберлен уурайбытын кэннэ Уинстон Черчилль Улуу Британия премьер-миниистиринэн анаммыт.
    • Улуу Британия Исландияны оккупациялаабыт.
  • 1942Дьокуускайга Польша посольствотын үбүлээһининэн польскай начальнай оскуола аһыллыбыт. Бу оскуолаҕа депортацияҕа түбэспит поляктар оҕолоро үөрэммиттэр. Бастакы үөрэх сылыгар 86 оҕо үөрэммит. Бу оскуола 1944 сыллаахха от ыйыгар поляктар дьиэлэригэр барбыттарын кэннэ сабыллыбыт.
  • 1957 — ССРС-ка саҥа сокуонунан[2] совнархозтар олоххо киирбиттэр, уларытыы соруга — дойду хаһаайыстыбатын салайыы аһара кииннэниитин суох гыныы этэ (децентрализация).
  • 1975Sony хампаанньа Betamax видеомагнитофону көрдөрбүт.
  • 1993 — Кыргыстаан бэйэтэ туспа харчыламмыт.
  • 1994 — Соҕуруу Африка Өрөспүүбүлүкэтигэр бэрэсидьиэнинэн маҥнайгы олохтоох хара нэһилиэнньэттэн төрүттээх киһи Нельсон Мандела талыллыбыт.
  • 2009Иркутскай уобаласка бөртөлүөт саахалламмыт. Өлбүттэр ортолоругар күбүрүнээтэр Игорь Есиповскай баар эбит.
  • 1910 — Ньурба Куочай нэһилиэгэр Александровка сэлиэнньэҕэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Николай Чусовской (26.07.1977 өлб.) төрөөбүт. ЯНВШ-ны бүтэрэн баран онно сулууспалаабыт, онтон Омскайдааҕы байыннай училищеҕа үөрэммит. Аҕа дойду улуу сэриитигэр 1945 сыллаахха аатырбыт Зеелов үрдэллэрин ылыыга аата-суола сураҕырбыта. Майор Чусовской сатабыллаах хамаандалааһынынан батальона өрүһү туораан, уулуссаҕа кыргыһыылар түмүктэригэр Зеелов куораты ылбыта.
  • 1925 — Бастакы Моорукка "Кыым" фотокорреспондена Еремей Порядин, сэрии кыттыылааҕа.
  • 1928 — Бэтинчэҕэ Татьяна Мыреева — Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
  • 1931 — Үөһээ Бүлүү Иккис Үөдүгэйигэр "Тыыннаахтар умнубат сыллара" ырыа ааптара, мэтэдиис учуутал Пётр Одорусов.
  • 1951 — Бороҕоҥҥо Федор Васильев (20.07.1994 өлб.) — сахалар сэриигэ сыһыаннарын чинчийбит устуорук-этнограф, устуоруйа билимин хандьыдаата.
  • 1953 — Ааллаах Үүн оройуонун Доҕор бөһүөлэгэр Николай Оконешников (2009 өлб.) — уларыта тутуу саҕана аатыра сылдьыбыт, кэлин Анголаҕа тутууннан дьарыктаммыт саха урбаанньыта.
  1. День банковского работника Кыргызстана — 10 мая.
  2. «О дальнейшем совершенствовании организации управления промышленностью и строительством»