Одорусов Пётр Поликарпович
Одорусов Петр Поликарпович (10.05.1931с-17.01.2013с) — Тыыл уонна педагогическай үлэ ветерана, методист-учуутал, РСФСР Үөрэҕириитин туйгуна, Саха республикатын үтүөлээх учуутала, Үөһээ Бүлүү улууһун Бочуоттаах гражданина, национальнай «Барҕарыы» фонда лауреата, Саха Республикатын суруйааччыларын союһун чилиэнэ[1].
Олоҕун кэрчиктэрэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Петр Поликарпович Одорусов Үөһээ Бүлүү улууһун Иккис Үөдүгэй нэһилиэгэр 1931 сыллаахха ыам ыйын 10 күнүгэр төрөөбүтэ.
- 1955 сыллаахха Дьокуускайдааҕы государственнай пединститут естествознание факультетын бүтэрэн 1955-56 сс. үөрэх сылыттан Исидор Барахов аа��ынан орто оскуолаҕа химия учууталынан сынньалаҥҥа тахсыар диэри үлэлээбитэ.
Айар үлэтэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Петр Поликарпович Одорусов суруйуунан 1967с дьарыктанар. Айар үлэҕэ абылаабыт-умсугуппут, үгүс өттүгэр өссө күһэйбит киһинэн Николай Иванович Бойлоховы ааттыыр, үксүгэр кини этиитинэн, сүбэтинэн чаастатык хоһоон суруйар буолбутун туһунан ахтар. Автор хоһоонноро ырыа мелодиятыгар сөп түбэһэр буоланнар, элбэх композитор мелодия айан Саха сирин муннуктарыгар тиийэ ылланаллар. Кини норуокка киэҥник биллибит «Тыыннаахтар умнубат сыллара» ырыа тылын автора. Бу ырыа грампластинкаҕа уһуллубута уонна ССРС композитордарынСоюһун дипломунан наҕараадаламмыта. «Ыччат ырыата», «Кырачааннар ыллыыллар», «Ырыа - олох аргыһа», «О Якутии пою» диэн ырыа буолбут хоһоонноро хомуурунньуктарга бэчээттэммиттэрэ. Мантан ураты кини хоһоонноругар айыллыбыт ырыалары кырачааннар оҕо саадтарыгар ыллыыллар. Оҕолорго аналлаах уус-уран айымньы сабыылаах конкурсугар 1977 уонна 1980 сс. кини оҕоҕо анаабыт айымнньылара Республикаҕа II-III бириэмийэлэри ылбыта. Араас сылларга суруйбут хоһоонноро түмүллэн, 1991 сыллаахха «Олоҕу туойабын» диэн бастакы кинигэтэ тахсыбыта. Онтон утуу-субуу: «Чэйиҥ эрэ, ыллыаҕыҥ» (1992 с.), «Сахалыы саҥарабыт»(1994 с.), «Саха сирин кыыллара» (таабырын-хоһооннор,1994 с.) «Саха сайдар биһигэ» (1996 с.) айымнньылара, «Үйэ үөскэппит геройа» (2000 с.) поэма тахсыталаабыттара.
Петр Одорусов оҕо эрдэҕиттэн көрдөөх-нардаах, дьээбэлээх ырыалары истибит буолан ис сүрэҕиттэн ырыаны-хоһоону таптыы үөрэммитэ. Автор маҥнайгы икки хоһооно «Сибэкки», «Үнүгэс» 1967сыллаахха «Коммунизм сардаҥата» хаһыакка тахсыбыттара. Онтон ыла барыта 437 айымньы бэчээттэммитэ: 433 хоһоон, 4 поэма. Хоһоонноро 19 араас ааттаах хомуурунньуктарга, 11 хоһооно үөрэх кинигэлэригэр, пособиеларыгар, программаҕа киирбиттэрэ, «Хотугу сулус» №1 (1980, 1983 сс.), «Чуораанчык» №3 (1988 с.), «Чолбон» №1 (1996 с.) сурунаалга бэчээттэммиттэрэ. Ону тэҥэ «Коммунизм сардаҥата», «Үөһээ - Бүлүү», «Индигир уоттара», «Кыым», «Эдэр коммунист», «Кэскил», «Саха сирэ» «Учуутал аргыһа», «Хоһуун», «Бэлэм буол» хаһыаттарга тахсыбыттара.
Ырыа буолбут хоһоонноро
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]П.П. Одорусов хоһоонноругар мелодия айбыт композитордар уонна мелодистар: Алексеев А. М.; Андросов А.; Афанасьев А.Н.; Бойлохов Н.И.; Васильев А. И.; Васильев С. И.; Донской В. М.; Дудуков А. И.; Егоров В. Е.; Ефимов В. В.; Жирков В. П.; Кобельянов П.Ф.; Колодезников К. П.; Ксенофонтов В.В.; Кысылбаиков Г. Д.; Макарова Н. С.; Николаев В. Г.; Николаева А. И.; Новгородов А. П.; Петров В. Г.; Саввинов А.Б.; Саввинов Н.С.; Саввинова М. И.; Семенов А.Н.; Семенов В.И.; Слепцов Г.Г.; Степанов З.К.; Филиппов А.Д.; Чуручанов Н. Д.; Гуляева М. М.
Автор биһирэммит ырыалара:
- «Тыыннаахтар умнубат сыллара» Н. И. Бойлохов мелодията, Улуу Кыайыы 40 сылын чиэһигэр 1985 сыл ыам ыйыгар ССРС Композитордарын Союһун маҥнайгы секретара, Социалистическай һлэ Геройа, композитор Тихон Николаевич Хренников илии баттааһыннаах ССРС Композитордарын Союһун дипломунан наҕараадаламмыта, ХХ үйэ чулуу 100 ырыаларын ахсааныгар киирбитэ.
- «Октябрь дойдутун дьонноро», «Оскуола оҕолорун марштара» Н. И. Бойлохов мелодията, Улуу Октябрь 60 сылын көрсө Үөһээ Бүлүү оройуоннааҕы культура отдела, Норуот айымньытын дьиэтэ, ЫБСЛКС райкома, «Коммунизм сардаҥата» хаһыат редакцията биллэрбит оройуоҥҥа бастыҥ ырыа иһин конкурска кыттан бу икки ырыанан композитор II бириистээх миэстэҕэ тиксибитэ.
- «Сэбилэнии сир шарыгар тохтоотун!» Н. И. Бойлохов мелодията, Үөһээ Бүлүү оройуонун иһигэр бастыҥ ырыа иһин конкурска бастыҥ бирииһи ылбыта.
- «Өктөөп күнүн анныгар» Н. И. Бойлохов мелодията, бастыҥ ырыа иһин оройуоннай конкурска II миэстэҕэ тиксибитэ.
- «Сахалыы саҥарабыт» А. И. Васильев мелодията, «Аан дойду кэрэтин - оҕолорго» диэн девизтээх мелодистар конкурстарыгар республикаҕа II бириэмийэни ылбыта.
- «Эрдэ турар элбээтин!» А. А. Андросов мелодията, «Чуопчаара ыллыаҕыҥ!» республиканскай мелодистар конкурстарыгар II миэстэни ылбыта.
- «Татоша» В. Е. Егоров мелодията, «Аан дойду кэрэтин – оҕолорго» девизтээх мелодистар конкурстарыгар республикаҕа III миэстэҕэ тиксибитэ.
- «Ветераннар» В. Г. Николаев мелодията, Улуу Кыайыы 50 сылыгар аналлаах Үөһээ Бүлүү улууһун мелодистарын конкурсугар I миэстэни ылбыта.
- «Прокопий Софронов туһунан ырыа» А. И. Васильев мелодията, Улуу Кыайыы 50 сылыгар аналлаах Үөһээ Бүлүү улууһун мелодистарын конкурсугар II миэстэни ылбыта.
- «Эбээ» Н.С. Макарова мелодията, «Алтан чуораан айылгы» оҕолорго аналлаах ырыа айарга биллэриллибит республиканскай конкурска II бириэмийэлээх миэстэҕэ тиксибитэ.
- «Сылайдыбыт», «Ытанньах», «Кыымчааннар», «Бырааһынньык», «Куукула», «Оҕо-аймах биһигэ-оскуолабыт биһиэнэ» А.П.Новгородов мелодията, «Алтан чуораан айылгы» ырыаны айааччылар конкурстарыгар республикаҕа кыттан анал биһирэбил бириэмийэни ылбыта.
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Бу ыстатыйаны тупсарарга?:
|