Өймөкөөн улууһа
Өймөкөөн улууһа Оймяконский улус | |
Гиэрбэтэ | |
Дойду | Арассыыйа |
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ | |
Улуус киинэ | Өймөкөөн |
Иһигэр киирэллэр | 10 олохтоох тэриллии |
Улуус баһылыга | Захаров Михаил Михайлович[1] |
Иэнэ | 92,2 тыһ. км² |
Климата | тосту—континентальнай |
Олохтоох дьонун ахсаана • Омуктара |
9573[2] киһи саха, нуучча |
Олохтоохторун аата | өймөкөөннөр |
Кэм зоната | MSK+7 (UTC+10, сайын UTC+11) |
Төлөппүөн кода | 41154 |
Почта индекстэрэ | 678730—678756 |
Официальнай ситим-сир |
Өймөкөөн улууһун территорията 92,2 тыһ. кв. км. Сахабыт Сирин хотугулуу-илин өттүгэр сытар. Уус-Майа, Томпо, Муома улуустарын, Хабаровскай кыраайы уонна Магадан уобалаһын кытта кыраныыссалаһар.
Дьокуускайтан ырааҕа — 930 км. Улуус киинэ — Уус Ньара. Нэһилиэнньэтэ — 13,5 тыһ. киһи (сахата — 4 тыһ., нуучча — 9 тыһ.)
Географията
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Улуус тайаан сытар иэнэ— 92,2 тыһ. км². Бу Саха сирин киэҥ иэннээх улуустарыттан биирдэстэрэ буолар. Соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр Уус-Маайа, арҕаа — Томпо, хоту — Муома, илин — Магадан уобалаһын, соҕуруу — Хабаровскай кыраайы кытта кыраныыссалаһар.
Улуус Черскэй уонна Сунтаар-Хайатын систэрин хапчааныгар сытар. Бу улуус сириттэн Саха сирин биир улуу өрүһэ — Индигиир — саҕаланар. Улуус улахан күөллэрэ — Лабыҥкыр, Алыһардаах, Ылбайа.
Рельебэ — хайалаах сир.
Өймөкөөҥҥө кыһынын –62°С, сайынын +39°С тиийэр. Манна ирбэт тоҥ дириҥэ 160–240 миэтэрэҕэ тиийэр.
Хотугу эҥэлэй саамай намыһах температурата −71,2 °C Өймөкөөн бөһүөлэгэр бэлиэтэммитэ.
Улуус устуоруйата
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]1926 сыллааҕы биэрэпиһинэн улууска маннык нэһилиэктэр киирэллэрэ:
1931 сыллаахха Байаҕантай улууһун сириттэн таҥыллан аныгы кыраныыссатынан тэриллибит. 1957 с. диэри улуус сирин баһыйар үгүс өттүн Дальстрой салайан-дьаһайан олорбута.
Демография
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Администрацияларынан араарыы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Улуус иһинээҕитэ | ||||||
---|---|---|---|---|---|---|
Куорат, бөһүөлэктэр
уонна нэһилиэктэр |
Кииннэрэ | Кыра сэлиэнньэлэр | Улуус
кииниттэн, км |
Почта
индексэ[3] |
Олохтоохторун ахсаана,
2010 сыллааҕы |
Олохтоохторун ахсаана, 01.01.2012 туругунан[2] |
Уус Ньара бөһүөлэк | улуус киинэ | Арҕаа Моой, Уолчаан, Сарылаах, Октябрьскай | 0 | 678730 | 6 463 | 6 077 |
Аартык бөһүөлэк | Дэлэҥкир, Победа | 130 | 678735 | 512 | 477 | |
Эльгэ бөһүөлэк | 90 | 678742 | ||||
Предпорожнай бөһүөлэк | 75 | 678736 | ||||
Нелькаан бөһүөлэк | 78 | 678747 | ||||
Иккис Бороҕон | Томтор | Агайакаан, Авиапорт, Куйдуһун | 570 | 678750 | 1 366 | 1 332 |
Маҥнайгы Бороҕон | Өймөкөөн | Биэрэк Үрдэ, Хара Тумул | 612 | 678752 | 761 | 724 |
Төрүт | Төрүт | 120 | 678743 | 355 | 342 | |
Сордоҥноох | Орто Балаҕан | Кураанах Салаа | 583 | 678753 | 330 | 309 |
Үчүгэй | Үчүгэй | Күбүмэ | 630 | 678756 | 322 | 312 |
Барыта | 10 109 | 9 573 |
“Уус-Ньара” муниципальнай түмсүү
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Уус-Ньара улуус киинэ буолар. Кини куораттыы тииптээх бөһүөлэк буолар. Билигн манна 7 тыһыынча курдук киһи олорор, нэһилиэнньэ улахан аҥара - көмүс хостуур артыал улэһиттэрэ. Православнай итэҕэллээх дьоҥҥо анаан 2006 сыллаахха Успения Пресвятой Богородицы церковь аһыллыбыта. 2012 сылга 75 сааһын туолбут Уус-Ньарага наадалаах тэрилтэлэр бары ситиһиилээхтик үлэлии тураллар.
«Аартык бөһүөлэгэ» муниципальнай тэриллии
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Аартык уруккута транспортниктар бөһүөлэктэринэн биллэрэ. Күн бүгүн «Артыкская автобаза» диэн ааттаах хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ улууска таас чоҕу тиэйиинэн дьарыктанар.
Манна 2009 сылтан аһыллан улуустааҕы кырдьаҕастар интернат-дьиэлэрэ үлэлиир.
«2 Бороҕон нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]“2 Бороҕон нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии киинигэр Томторго 1,6 тыһыынча киһи олорор. Учаастактааҕы балыаһа, модельнай библиотека, искусство оскуолата, «Северина» муода театра, орто оскуола, культура дьиэтэ, пекарня, «Сайдам» диэн социальнай көмө киинэ тигинэччи үлэлииллэр.
Томтор орто оскуолатын иһинэн Өймөкөөн улууһугар сыылкаҕа олорон ааспыт поэттарга, суруйааччыларга аналлаах литературно-краеведческай музей үлэлиир.
Бөһүөлэккэ сталинскай репрессия сиэртибэлэригэр анаммыт «Колокол памяти» өйдөбүнньүк бэлиэ туруоруллубута.
Томторго «Полюс холода» аан дойдутааҕы фестиваль ыытыллар. Фестивальга Лапландияттан Санта-Клаус уонна Великэй Устюгтан Тымныы оҕонньор кыттыыны ылаллар.
Аҕа дойду сэриитин сылларыгар ыраах Америкаттан Сибиири нөҥүө сэрии фронугар самолеттары тиэрдэргэ элбэх саҥа аэропорду тутуохха наада этэ. Бу соругу толороору ГУЛАГ хаайыылаахтарынан икки ый туттаран, алтынньыга “Өймөкөөн” аэропорда самолеттары түһэрэргэ бэлэм буолбута. Томтор бөһүөлэгиттэн икки километр курдук соҕуруу сытар “Өймөкөөн” аэропорка сэрии сылларыгар түүннэри-күнүстэри уонтан тахсалыы буолан бөлөҕүнэн көтөн кэлэн заправкаланан, сынньанан ааһаллара.
«1 Бороҕон нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]«1 Бороҕон нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии састаабыгар Өймөкөөн, Биэрэк-Үрдэ уонна Хара-Тумул учаастак киирэллэр.
Өймөкөөн (эбээннии-«теплый ключ») – уруккута улуус киинэ. Манна араас тэрилтэлэр: орто оскуола, участковай балыаһа, культура дьиэтэ, маҕаһыыннар – бааллар. Эргэ Өймөкөөҥҥө атыыһыт Н.И. Кривошапкин – меценат, общественнай деятель- олорбут дьиэтэ архитектура памятнигын быһыытынан сыаналанан турар.
«Сордоҥноох нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Өймөкөөн улууһун саамай түгэх нэһилиэгэ — Сордоҥноох. Улуус кииниттэн 500 км ыраах, Томтор бөһүөлэгиттэн 50 км тэйчиччи сытар. Олохтоох нэһилиэнньэ ынах сүөһүнү, табаны, сылгыны иитиинэн дьарыктанар. Олохтоохтор киэн туттар сирдэринэн аатырбыт Лабынкыр күөл буолар. Лабыҥкыр эбээннии «лама» –муора диэн суолталаах. Ону таһынан Сытыган-Сыылба диэн эмтээх минеральнай уулаах күөл баар. Уута улахан тымныыга да тоҥмот.
«Үчүгэй нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Үчүгэй нэһилиэгэ Уус Ньараттан 350 км ыраах сытар. Тыраасса аттыгар турар буолан суола-ииһэ үчүгэй. Нэһилиэнньэ 300-чэ, мэлдьи олорооччута - 200-тэн тахса. Бөһүөлэккэ нацилнальнай эбэҥки статуһун туруорсаллар эбит, докумуоннарын хомуйбуттар. Сүрүннээн ��аба иитиитинэн дьарыктанар эбээннэр олороллор (60%). Таба ахсаана 8000 кэриҥэ. 1 улахан хаһаайыстыба уонна 5 община иитэллэр. Чааһынайга 400-чэ сылгы, сүүстэн тахса ынах баар.
Манна араас тэрилтэлэр: орто оскуола, участковай балыаһа, культура дьиэтэ, библиотека үлэлииллэр. Уоттара диисэл ыстаансыйатыттан хааччыллар. Урут оскуола этно-хайысхалаах эрдэҕинэн эбээн тылын үөрэтэллэр эбит, билигин куруһуокка эрэ баҕалаахтары үөрэтэллэр.
Үчүгэйгэ сылын аайы таба бырааһынньыга үрдүк таһымнаахтык бэлиэтэнэр.
«Төрүт нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Улуус кииниттэн саамай чугас сытар нэһилиэгинэн Индигир уонна Эльги үрэхтэр икки ардыларыгар сытар Төрүт нэһилиэгэ буолар. Бу дэриэбинэҕэ 10-н тахса араас омук (грузин, таджик, белорус, украинец уо.д.а) олорор.
Олохтоох дьон сүөһү иитиитинэн дьарыктанар.
Төрүт олохтоохторо биир дойдулаахтарынан, Социалистическай Үлэ Геройа, сылгыһыт Г.А. Кривошапкин аатынан киэн тутталлар.
Экономика
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Улууска экономика 2 сүрүн хайысхата баар: тыа хаһаайыстыбата уонна көмүһү хостооһун. Туризм сайдар.
Промышленность
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Өймөкөөн улууһугар ханна да суох комус-сурьма хостонор миэстэтэ 1966 сыллаахха арыллыбыта. Сүрүн тэрилтэлэринэн “Западная” көмүс хостуур хампаанньа уонна хааччахтаммыт эппиэтинэстээх “Поиск” тэрилтэ буолаллар. Итини сэргэ, Россия үрдүнэн соҕотох сурьма концентратын оҥорор Сарылаахтааҕы фабрика үлэлиир.
Тыа хаһаайыстыбата
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Улуус экономикатыгар тыа хаһаайыстыбата иккис сүрүн миэстэнэн ааҕыллар. Сүрүн салаалара- сүөһү иитиитэ (эт-үүт оҥорооһуна, сүөһү, үөр сылгы уонна таба иитиитэ) уонна үүнээйи үүннэриитэ буолаллар. “Тонор” племенной хаһаайыстыба специалистара сылгыны үөрэтиигэ научнай улэни ыыталлар. Улуус өймөкөөн боруодалаах сылгылары уонна эбээн боруодалаах табалары атын улуустарга таһаарар экспортер быһыытынан биллэр.
«Агропромышленнай комплекс сайдыыта» национальнай проегы олоххо киллэрии- улуус тыатын хаһаайыстыбатын саҥа таһымҥа таһаарда. Билигин улууска 44 хаһаайыстыба уонна 1446 кэтэх хаһаайыстыба тыа продукциятын оҥорон таһаараллар.
Транспорт
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Улуус территориятынан «Колыма» федеральнай таһымнаах автомобильнай суол ааһар. Олохтоохтор сылы курдары Дьокуускайга харгыһа суох айанныыллар. Алдан уонна Лена өрүстэргэ муоста тутулла илигинэн, күһүн сиринэн суол сабыллар.
Уус-Ньараҕа аэропорт үлэлиир, салгын аала көтөр.
Доруобуйа харыстабыла
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Өймөкөөн улууһугар оройуоннааҕы киин балыыьа, 4 учаастактааҕы балыыьа, 2 амбулаторнай, 3 фельдшерско-акушернай пункт баар. Хас бөһүөлэк аайы үрдүк квалификациялаах улэһиттээх, наадалаах тэриллэрдээх медицинскэй сулууспа үлэлиир. 2010 сыллаахха улуус киинигэр, Уус-Ньарага, реабилитация, диагностика, эти-хааны чөлүгэр түһэрэр медицина киинэ аьыллыбыта.
Культура
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Улууска 15 культура тэрилтэтэ баар, ол иһигэр 10 библиотека, 8 сынньалаҥ тэрилтэтэ, оҕо музыкальнай оскуолата, искусство оскуолата, 2 краеведческай музей. Хас да уус-уран коллектив үлэлиир: Томтордооҕу культура дьиэтин иһинэн тэриллибит театр, “Золотинка” үнкүү ансамбла, “Металлург” культура дьиэтин норуодунай театра, Эдэр көрөөччү театра. Талааннаах коллективтар хаста да өрөспүүбүлүкэтээҕи, федеральнай уонна аан дойдутааҕы конкурстарга лауреат уонна дипломан үрдүк аатын сүкпүттэрэ.
Улуус библиотеката нэһилиэнньэ 73,5% хабар.
СМИ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Улууска “Хотугу сардаҥа” уонна “Северная заря” общественно-политическай хаьыаттар тахсаллар. ”Кадр” диэн ”Саха” национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр компания студията үлэлиир. Олохтоохтор телевизорынан 5 республиканскай уонна киин каналлары көрөллөр. «Мегафон», «МТС», «Билайн» Сотовай сибээс өҥөлөрүнэн туһаналлар.
Спорт
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Кэлиҥҥи сылга спорт үрдүк кэрдиискэ таҕыста. Икки оҕо спортивнай оскуолатыгар 600-кэ иитиллээччи дьарыктана сылдьара да туоһулуур. Сыл устата спортивно- массовай курэхтэьиилэр ыытыллаллар. Мини-футбол, ууга харбааһын, наартаны үрдүнэн ойуу, мас тардыһыыта курдук көрүҥнэргэ спортсменнар куруук үрдүк ситиһиилэри көрдөрөллөр. Улууска саҥа спортивнай тутуулар үлэҕэ киирбиттэрэ: Үчүгэй оскуолатын спортзала, Өймөкөөн уонна Томтор оскуолаларыгар тустууга анаммыт эбии саалалар. 2010 сыллаахха Өймөкөөн хамаандата Саха сирин норуоттарын бэһис спортивнай оонньууларыгар бочуоттаах 3 миэстэ буолары ситиспитэ.
Туризм
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Өймөкөөн улууьа туризм уонна предпринимательство сайдарыгар үчүгэй перспективэлээх. Аатырар Тымныы полюһунан, хатылламмат кэрэ хайаларынан, араас кыылынан-сүөлүнэн, таайбараннаах Лабыҥкыр күөлүнэн, улуу Индигиринэн, Муус хайа өргөһүнэн эрэ буолбакка, өссө да атын кэрэхсэбиллээх сирдэринэн аан дойду туристарын бэйэтигэр тардар. Улуус территориятынан Черскэй уонна Үөһээ Дьааҥы хайа кэлимэ ааьар, ол хайа кэлимигэр Россия Азиатскай чааһын муҥутуур үрдүк Муус Хайа точката баар (үрдүгэ 3011 метрэ). Индигир баһыгар таайыллыбатах таабырыннаах Лабыҥкыр күөлэ баар. 2000 сылтан Саха сирин правительствота аан дойду таһымнаах “Полюс холода – Оймякон” туристическай маршруту арыйбыта уонна улэҕэ киллэрбитэ. Ол маршрут 10 аан дойдутаа5ы выставка5а кыттыбыта. Венгрия, Англия, Швейцария, Германия, Япония, Китай, Голландия уонна да атын сирдэртэн элбэх турист кэлэн ыалдьыттаабыта.
Инфраструктура
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]2008 сыллаахха “Колыма” федеральнай суол үөрүүлээх аьыллыыта уонна суолу туппут хаайыылаахтарга аналлаах монумены туруоруу сиэрэ-туома ыытыллыбыта. Бу суол ыраах сытар уонна эрэйдээх айан суоллаах нэһилиэктэр сырыылара харгыстамматын туһугар улаханнык абырыыр. Социальнай сфера объектарын сайдыытыгар бу суол улахан оруолу ылара саарбахтаммат.
Кыра предпринимательство нэһилиэнньэ дьарыктаах буоларын, рыногы араас табаарынан уонна өҥөнөн хааччыйар. Өссө саҥа тэрилтэлэри арыйан у улэ саҥа миэстэлэрин арыйан, улууска экономика сайдарын туһугар улахан оруолу оонньуур.
Улуус биллиилээх дьоно
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Заболоцкай Николай Максимович (Чысхаан) — суруйааччы, литератураны ырытааччы, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ
- Тулааһынап Пантелеймон Яковлевич — саха поэта
- Иванова Татьяна Спартаковна — юридическай билим доктора
Үөрэҕирии
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Өймөкөөн улууьугар үөрэх 26 тэрилтэтэ үлэлиир, ол иһигэр 10 уопсай үөрэҕи биэрэр араас көрүҥнээх оскуолалар, 11 оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор тэрилтэлэрэ, 2 оҕо юношескай спорт оскуола, Уус-Ньаратааҕы оҕо дьиэтэ,”Пегас” диэн оҕо талаанын сайыннарар киин, профессионально-техническэй орто үөрэх тэрилтэтэ. “Образование” диэн национальнай бырайыак көмөтүнэн үөрэх тэрилтэлэрин материально-техническэй базалара тубуста, педагогтар инновационнай уонна научно-методическай таһымнарын үрдээтэ. Бүтэһик үс сыл Уус-Ньаратааҕы гимназия, Н.М Заболоцкай аатынан Томтор уонна Сордонноох орто оскуолалара инновационно -образовательнай проектар уонна программалар конкурстарыгар кыттыыны ылбыттара уонна Россия бастыҥ оскуолалара үрдүк ааты сүкпүттэрэ. Бастыҥ учууталлары уонна үөрэнээчиллэри өйөөр сыаллаах Өймөкөөн улууһун муниципальнай тэриллиитин баһылыга грант олохтообута.
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]