Иһинээҕитигэр көс

Орто Халыма улууһа

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Орто ХалымаСаха Сирин улууьа. Административнай киинэ – Орто Халыма куорат. Саха Өрөспүүбүлүкэтин кииниттэн сиринэн – 2664 км,  ууннан — 3940 км, салгынынан — 1485 км ыраах баар. Улуус баһылыга Слепцов Евгений Михайлович.

Орто Халыма улууһа
Гиэрбэтэ
Дойду  Арассыыйа Арассыыйа
Регион  Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтэ
 Орто Халыма
 Ленскэй
Улуус баһылыга  Слепцов Василий Олексеевич
Улуус буолуута  1930 с.
Иэнэ  125 200 км²
Климата  тосту-конт
Олохтоох дьонун ахсаана
 • Чиҥэ
 • Омуктара
 ↘7332 (2020)

(0,75 %) киһи
 0,08 киһ./км²
 саха, нуучча, эбээн

Орто Халыма улууһа Саха Сирин каартатыгар
Официальнай ситим-сир

Улуус ыам ыйын 25 күнүгэр 1930 сыллаахха төрүттэммитэ.


Орто Халыма улууһа полярнай эргимтэ таьыгар, өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр олохтонон турар. Хоту Аллараа Халыма, арҕаа Абый, хотугулуу-арҕаа Аллайыаха улуустарын кытта, соҕуруулуу-илин Магадаан уобалаһын уонна илин Чукотскай автонмнай уокуругу кытта кэккэлэһэр. Сирин иэнэ: 125,2 тыһ. км2. Улууска дэхси сир ньуура баьыйар. Үгүс өттүгэр Халыма намтал сирэ сабардыыр. Онтон арҕаа Алаьыай платота, илин Юкагирскай хаптал хайалара бүрүйэллэр. Улуус устун Халыма уонна Алаьыай өрүстэр сүүрэллэр. Березовка, Каменка диэн улахан салаалардаахтар. Элбэх күөлэттэрдээх. Ол иһигэр Бабылыан, Балыма, Уулаах о.д.а. Улуус хотугулуу-илин өттүгэр «Халыма» айылҕа паарка��а баар. Ону кытары элбэх ресурснай резерваттар уонна кэтэниллэр айылҕа кэрэ сирдэрэ бааллар. Тохсунньу орто температурата: -38ºС; от ыйын орто температурата: +12ºС. Сылга ортотунан хоту 115-тэн 200 мм, онтон илин 250-тан 300 мм кэринэ соҥүү түһэр.


Биэрэпис ыытыллыбыт сыллырга уонна 2007 сылга нэһилиэнньэ ахсаана
2002 сыллааҕы биэрэпис түмүгүнэн омуктар өлүүлэрэ


Нэһилиэнньэ хойуута - 0,08 киһи/км2. Урбанизация. Орто-Халыма куоракка улуус 46,3% олохтоохторо олороллор. Национальнай сатааб. Березовка бөһүөлэгэр олохтоох эбээннэр олороллор.


Администрацияларынан араарыы

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Улуус 10 олохтоох салалталаах, ол иһигэр 9 бөһүөлэк: «Бастакы Мээтис» Сылгы-Ыытар, «Иккис Мээтис» Сыбаатай, «Алаһыай» Арҕахтаах, «Бастакы Хаҥалас» Өлөөкө-Күөл, «Иккис Хаҥалас» Эбээх, «Сиэн күөл» Ойуһардаах, «Байды» Налимскай, Березовка, Хатыҥнаах уонна Орто Халыма куората. 01.01.2014 сылга улууска уопсайа 7535 киһи олорор. Куоракка 3486 киһи, онтон нэһилиэктэргэ 4049.

Орто Халыма улууһун каартата
Улуус иһинээҕитэ
# Куорат

уонна нэһилиэктэр

Кииннэрэ Кыра сэлиэнньэлэр Улуус

кииниттэн, км

Почта

индекса

Нэһилиэнньэ

ахсаана

(2007 сыл)

1 Орто Халыма куорат улуус киинэ Лобуйа 0 3 407
2 Иккис Мээтис Сыбаатай Суччун 146 657
3 Бастакы Мээтис Сылгы Ыытар 97 561
4 Алаһыай Арҕахтаах 140 560
5 Бастакы Хаҥалас Өлөөкө Күөл Суойуҥу 218 560
6 Сиэн Күөл Ойууһардаах Роман 169 523
7 Иккис Хаҥалас Эбээх 228 488
8 Байды Налимскай 18 471
9 Березовка Березовка Уродан 185 367
10 Хатыҥнаах Хатыҥнаах 64 678797 293
Барыта 7 887

Тыа хаһаайыстыба – улуус нэьилиэгин олохтоохторун сүрүн дьарыга буолар. Орто Халымаҕа уопсайа 12 тыа хаһаайытыбатын кооператива, 2 хааһына тэримньи, 54 крестьянскай хаһаайыстыба уонна 500-тэн тахса көмө хаһаайыстыба баар. Суруннээн тыа хаһаайыстыбата ынах, сылгы, таба иитиитинэн, балыктааһынынан, бултааһынынан дьарыктанар. Ону кытары үүтү уонна балыгы уларытан оҥорор. 2014 сыл түмүгүнэн туора муостаах ахсаана 2005 төбөҕб тиийбит, ол иһигэр – 860 ынах сүөһү. Сыл устата 860 төбө ынах 638 ньирэйи төрөөбүт (74,2%). Улуус үрдүнэн 16 сылгы иитэр база баар. 2015 сылга барыта 4051 төбө сыспай сиэллээх баара. Онтон 1898-һа биэ. Таба иитиитигэр 1 хааһынай тэримньи, 1 кооператив уонна 2 крестьянскай хаһаайыстыба баар. 2015 сылга 2172 төбө таба баар этэ. Ол иһигэр 635 тыһы таба. Улууска 1 кыылы иитэр крестьянскай хаһаайыстыба Сыбаатай нэһилиэгэр баар. Онно кырса иитиитинэн дьарыктаналлар. 2014 сылга 64 кырса ааҕыллара, ол иһигэр 50 тыһы кырса.


Бүгүҥҥү күҥҥэ Орто Халыма улууһугар 26 орто үөрэх кыһалара уонна уһуйааннар үлэлииллэр: 12 уһуйаан, 11 орто үөрэх кыһата уонна 3 эбии уорэхтээһин кыһата.


Улууска култуураны уонна өскүүстүбэни "Орто Халыматааҕы култура упураблыанньата" муниципальнай хааһынай тэрилтэ салайар. Орто Халымаҕа 9 араас нэһилиэккэ уонна куоракка 10 кулууп, 4 краеведческай музей , 12 билибэтиэкэ баар.

Улуус киинигэр, Орто Халыма куоракка сайын котор аалынан эрэ, онтон кыһын кыһыҥҥы суолунан тиийиэххэ сөп. Сайын, күһүн ууннан таһаҕас, чох-мас таһаллар. • Орто Халыма аэрапорда; • Орто Халыма – Березовка, Орто Халыма – Налимскай – Сыбаатай – Эбээх, Орто Халыма – Арҕахтаах, Орто Халыма – Өлөөкө Күөл, Орто Халыма – Сылгы-Ыытар – Ойуһардаах, Орто Халыма – Хатыҥнаах маршруттарынан кыһыҥҥы суол; • Халыма өрүс бириистэнэ.


Орто Халыма инбэстисионнай пааспара [1] Орто Халыма сайта Орто Халыма куорат сайта, Среднеколымск Архыыптаммыт 2013, Ахсынньы 13 күнүгэр.