Иһинээҕитигэр көс

Таас чох

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Таас чох эбэтэр хостонор чох (лат. carbō) — былыргы үүнээйилэр дьапталҕаларыттан үөскээбит хостонор оттук.

Таас чох көһөҥөтө

Таас чоҕу (хостонор чоҕу) киһи минеральнай оттуктартан бастакынан туттар буолбута. Өссө таас үйэҕэ дьон чоҕу өрүстэр кытылларыгар таас чох дьапталҕата тахсар сириттэн хомуйаллара. Маннык тахсар сирдэри билигин Саха сиригэр, холобур, Дьокуускайтан чугас Кангалаас бөһүөлэгин аттынааҕы өрүс кытылыгар көрүөххэ сөп.

Хомуйбут чохторун дьиэлэрин ититэргэ тутталлара. Ол гынан баран 3 тыһыынча сыл ынараа өттүгэр Кытайга тимири уһаарарга туттан барбыттара биллэр. XX үйэ саҕаланыытыгар таас чох аан дойдуга итиини уонна энергияны биэрэр сүрүн оттук буолбута. Ол гынан баран XX үйэҕэ чэпчэкитик ылыллар уонна таҥастанар оттуктар үөдүйэннэр (ньиэп, гаас, атомнай энергия) таас чох туттуллуута улам намтаан испитэ.

Хостонор чох үөскээһинэ

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

300—400 мөлүйүөн сыл ынараа өттүгэр былыргы ойуурдар ууга баран, күөллэр анныларыгар түһүүлэрин түмүгэр элбэх үүнээйи кислород тиийбэт сиригэр дьапталҕаламмыта. Онон ситэ сытыйбакка торфа буолан хаалбыта. Ол торфа үөһэттэн баттааһын түмүгэр буурай чоххо кубулуйар. Оттон ол чох таас чоххо. Оттон таас чох антрациит диэн саамай сыаналанар хостонор чоххо кубулуон сөп.

Саха сирин хостонор чоҕо

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Саха сирин чоҕо үксэ үрдүкү үүнээйилэр кырамталарыттан үөскээбитэ — мастартан, сэппэрээктэртэн уонна оттортон. Ол гынан баран, сорох чох күөл салахайыттан үөскээбит. Оннук чоҕу богхед диэн ааттыыллар. Саха сиригэр айылҕаҕа баар хостонор чох бары көрүҥнэрэ көстөллөр. Саамай элбэх чохтооҕунан өрөспүүбүлүкэ соҕуруу өттүнээҕи Элгэ, Нүөрүҥгүрү сирдэрэ, Өлүөнэ өрүс икки өттүгэр баар сирдэр (Өлүөнэ чохтоох бассейна), Алдан, Бүлүү өрүстэр тардыылара, уонна Халымаҕа Зырянка үрэх тардыыта буолаллар. Өлүөнэ ��охтоох бассейныгар 1,7 триллион тонна чох баар диэн биллэр.

Аан дойдуга булуллубут таас чох саппааһа

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
2009 сыллаахха дакаастаммыт чох саппааһа (мөл. туонна) [1][2]
Дойду Таас чох Бороҥ чох Барыта %
АХШ 111338 135305 238308 28,9
Россия 49088 107922 157010 19,0
Кытай 62200 52300 114500 13,9
Индия 90085 2360 92445 10,2
Австралия 38600 39900 78500 8,6
Соҕуруу Африка 48750 0 48750 5,4
Украина 16274 17879 34153 3,8
Казахстан 28151 3128 31279 3,4
Польша 14000 0? 14000 1,5
Бразилия 0 10113 10113 1,1
Германия 183 6556 6739 0,7
Колумбия 6230 381 6611 0,7
Канаада 3471 3107 6578 0,7
Чехия 2094 3458 5552 0,6
Индонезия 740 4228 4968 0,5
Турция 278 3908 4186 0,5
Мадагаскар 198 3159 3357 0,4
Пакистан 0 3050 3050 0,3
Болгария 4 2183 2187 0,2
Тайлаан 0 1354 1354 0,1
Хоту Кэриэйэ 300 300 600 0,1
Саҥа Зеландия 33 538 571 0,1
Испания 200 330 530 0,1
Зимбабве 502 0 502 0,1
Румыния 22 472 494 0,1
Венесуэла 479 0 479 0,1
Барыта 478771 430293 909064 101,0
  1. BP Statistical review of world energy June 2007(ааҥл.). Тургутулунна 2 Муус устар 2008. Төрүт сириттэн архыыптанна 6 Олунньу 2009.
  2. BP Statistical review of world energy 2010(ааҥл.). Төрүт сириттэн архыыптанна 30 Бэс ыйын 2010.

• Полезные ископаемые Якутии и области их применения. В.И Фролов, В. Ф. Уаров. Якутск, Бичик, 2005