1885
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1881 1882 1883 1884 — 1885 — 1886 1887 1888 1889 |
Уоннуу сыллар |
1850-с 1860-с 1870-с — 1880-с — 1890-с 1900-с 1910-с |
Үйэлэр |
XVIII үйэ — XIX үйэ — XX үйэ |
1885 сыл.
Туох буолбута
Тохсунньу
- Тохсунньу 15 — Үөһээ Дьааҥыга метеостанцияҕа −67,1 °C кыраадыс бэлиэтэммит. Кээмэйдээһини көскө олорор учуонай Сергей Ковалик (1846-1926) оҥорбут, метеостанцияны Александр Бунге (1803-1890) диэн Билим акадьыамыйатын эспэдиисийэтин салайааччыта кэлэ сылдьан тэрийбит. 1892 сыллаахха эмиэ манна олунньуга өссө тымныы −67,6 °C кыраадыс бэлиэтэммитэ. Үөһээ Дьааҥы кыһын уонна сайын ыккардыларыгар ордук улахан ураты тымныылаах-итиилээх сир быһыытынан Гиннес рекордун кинигэтигэр киирбитэ.
Олунньу
- Олунньу 5 — Бельгия хоруола Леопольд II Конго Көҥүл судаарыстыбатын бэйэтин «тус бас билиитинэн» биллэрбит. Африка ортотугар сытар сирдэри билим өттүттэн чинчийбитэ буолан Леопольд хоруол олус киэҥ сирдэри бэйэтин бас билиитигэр ылбыт. Мантан ыла Конго хааннаах колонизацията саҕаламмыта. 1880-1920 сылларга Конго олохтоохторун ахсаана икки төгүл аҕыйаабыта.
- Олунньу 18 — АХШ-ка Марк Твен «Гекльберри Финн мүччүргэннээх сырыылара» диэн кинигэтэ тахсыбыт.
Ыам ыйа
- Ыам ыйын 17 — Германия Хотугу Саҥа Гвинеяны уонна Бисмарк архипелагын аннексиялаабыт.
Бэс ыйа
- Бэс ыйын 17 — Көҥүл Статуята Франция норуотун бэлэҕэ буолан Нью-Йорк куоратыгар кэлбит.
От ыйа
- От ыйын 6 — Франция учуонайа Луи Пастер ииригирии (бешенство) утары быһыыны бастакытын ситиһиилээхтик киһиэхэ туһаммыт. 9 саастаах Жозеф Мейстер диэн уол ыалдьыбыт ыт ытырбытын кэннэ быыһаммыт.
Сэтинньи
- Сэтинньи 10
- Ньиэмэс инженердара Готлиб Даймлер уонна Вильгельм Майбах мас бэлисипиэккэ бэйэлэрэ оҥорбут мотуордарын туруорбуттар.
- Нуучча айанньыта Николай Пржевальскай Киин Азияҕа, ол иһигэр хотугу Тибиэккэ айанын түмүктээбит.
- Сэтинньи 16 — Канаадаҕа метистэр өрө турууларын баһылыгын, «Манитоба аҕата» диэн ааттанар Луи Риэль диэн киһини "таҥнарбытын иһин" сууттаан өлөрбүттэр.
Төрөөбүттэр
- Алтынньы 7 — Нильс Бор — Дания физигэ, Нобель бириэмийэтин лауреата (1922).
- Алтынньы 13 — Вигго Брун — Норвегия математига.
Өлбүттэр
- Ыам ыйын 22 — француз аатырбыт суруйааччыта Виктор Гюго.