1949
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1945 1946 1947 1948 — 1949 — 1950 1951 1952 1953 |
Уоннуу сыллар |
1910-с 1920-с 1930-с — 1940-с — 1950-с 1960-с 1970-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1949 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Кулун тутар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар 15 — В.И. Ленин аатынан Бүтүн Союзтааҕы тыа хаһаайыстыба наукаларын Академиятын бэрэсидьиэнэ Лысенко Т.Д. Саха сирин дэлэгээссийэтин кытта көрсүбүт. Дэлэгээссийэни Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлэ Протодьяконов В.А. салайбыта.
- Кулун тутар 18 — НАТО үөскээбит.
- Кулун тутар 25 — Эстония, Литва уонна Латвия уонунан тыһыынча олохтоохторун күүс өттүнэн Сибииргэ көһөрүү саҕаламмыт. Коллективизация бытаанын сөбүлээбэккэ И.В. Сталин дьону куттаары маннык быһаарыыны ылбыта.
Муус устар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 1 — Кытай гражданскай сэриитэ (1927-1949): үс сыл сэрии кэнниттэн Кытай хомуньуус баартыйата Гоминьданы (Кытай омугун баартыйатын) кытта Пекииҥҥэ көрсөн эйэлэһии туһунан кэпсэтэ сатаабыттар.
- Муус устар 4 — Хоту Атлантик Үлэх Тэрилтэтэ (NATO) тэриллибит.
Ыам ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ыам ыйын 5 — Европа Сэбиэтэ тэриллибит.
- Ыам ыйын 5 — Саха АССР миниистирдэрин сэбиэтин быһаарыытынан Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникума уонна Холкуостары салайар кадрдар судаарыстыбаннай оскуолалара холбоспуттар[1]
Бэс ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Бэс ыйын 30 — сылгыһыттар Герасим Кривошапкиҥҥа уонна Тимофей Лукиҥҥа Социалистыы Үлэ Дьоруойа аат иҥэриллибит.
От ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- От ыйын 19 — Лаос Францияттан тутулуга суох буолбут.
Атырдьах ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Атырдьах ыйын 7 — Бүлүү өрүскэ Кириэстээх сэлиэнньэ аттыгар Мохсоҕоллоох диэн чэйгэ Фанштейн Г.Х. салалталаах геологтар партиялара 20 караттаах маҥнайгы алмааһы булбута. Сезон бүтүөр диэри бу чэйгэ өссө 22 алмаас булуллубута.
- Атырдьах ыйын 20 — Илья Винокуров туруорсуутунан ССРС совминын бэрэстээтэлэ «О мероприятиях по усилению борьбы с туберкулезом в Якутской АССР» диэн Саха сирин дьонун туруктара тупсуутугар улахан суолтаны ылбыт совмин уурааҕар илии баттаабыт.
Алтынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Алтынньы 1 — Кытайга хомуньуустар гражданскай сэриигэ кыайан Кытай Норуотун Өрөспүүбүлүкэтин олохтообуттар.
- Алтынньы 7 — Сэбиэскэй Сойуус оккупациялыыр зонатыгар Германия Демократическай Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибит.
Ахсынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ахсынньы 2 — Дьону атыылыыры уонна проституцияны утарар Конвенция ылыныллыбыт.
- Ахсынньы 7 — Кытайга гражданскай сэриигэ кыайтаран эрэр буржуазнай Кытай Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата Нанкинтан Тайвань арыытын киин куоратыгар Тайпэйгэ көспүт.
- Ахсынньы 25 �� Хабаровскайга Япония байыаннайдарын сууттааһын саҕаламмыт (ахсынньы 30 күнүгэр диэри буолбута).
- Ахсынньы 27 — Нидерланд Индонезия тутулуга суоҕун билиммит.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 1 — Томскай Петр Петрович — суруналыыс, Күлүмнүүр аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, А.П. Илларионов аатынан Ил Түмэн бириэмийэтин лауреата, Усуйаана улууһун Ытык олохтооҕо.
- Тохсунньу 6 — Кистенев Сергей Павлович (06.01.1949—09.03.2003) — история билимин кандидата.
- Тохсунньу 26 — Ирина Абрамова — Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыба техникумун уус-уран салайааччыта, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, СӨ култууратын туйгуна, Усуйаана улууһун Ытык киһитэ.
- Кулун тутар 7 — Дмитриев Роман Михайлович — көҥүл тустууга Олимпиада чөмпүйүөнэ
- Муус устар 15 — Эртюков Владимир Иннокентьевич — историческай билим кандидата, Саха Сирин чаҥ үйэтинээҕи историятыгар идэлээх археолог.
- Бэс ыйын 11 — Курилов Николай Николаевич — дьүкээгир омугуттан бастакы идэтийбит худуоһунньук, ону таһынан поэт, прозаик, драматург, суруналыыс, «Геван» радиостанция үлэһитэ.
- От ыйын 10 — Сунтаар Бүлүүчээнигэр Юрий Степанов — Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйа харыстабылын, социальнай сулууспа туйгуна. Талааннаах хирург, Өрөспүүбүлүкэтээҕи Реабилитациялыыр киин дириэктэрэ.
- Атырдьах ыйын 8 — Лукина Ангелина Григорьевна, искусствоведение доктора.
- Атырдьах ыйын 15 — Буслаев Юрий Николаевич, тутуу үлэһитэ.
- Атырдьах ыйын 16 — Шейкин Юрий Ильич — аҕыйах ахсааннаах омуктар муусукаларын үөрэтэр чинчийээччи. АГИКИ преподавателэ.
- Атырдьах ыйын 30 — Васильев Герасим Семенович — П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыһа,
- Алтынньы 9 — Михайлова Евгения Исаевна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин вице-президена.
- Алтынньы 11 — Николаев Анатолий Павлович, Саха театрын артыыҕа, СӨ Үтүөлээх артыыһа.
- Алтынньы 22 — Арсен Венгер — Франция футболиһа уонна тренерэ.
- Сэтинньи 6 — Губарев Виктор Николаевич КПРФ Саха сиринээҕи кэмитиэтин салайааччыта
- Сэтинньи 7 — Валерий Петров — мэдиссиинэ билимин хандьыдаата, 2005-2016 сылларга Медцентр дириэктэрэ.
- Ахсынньы 19 — Охлопкова Полина Петровна - Саха тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тулааһынап Пантелеймон Яковлевич (1916 — 1949), поэт.
- Тохсунньу 6 — Виктор Флеминг — Оскар кыайыылаах АХШ киинэ режиссера уонна продюсера. Кини ордук аатырбыт киинэлэрэ The Wizard of Oz (1939) уонна Gone with the Wind (1939).
- Бэс ыйын 12 — Винокуров Федор Григорьевич — Даадар (19.02.1911—12.06.1949) — саха поэта.
- ↑ постановление Совета Министров ЯАССР «О слиянии учебных хозяйств Якутского сельскохозяйственного техникума и Якутской государственной школы руководящих кадров колхозов» (1949)