Иһинээҕитигэр көс

Үп

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Үп диэн харчы туттуллуутун үөрэтэр үөрэх. Харчынан хааччыйыы үбүлээhин дэнэр.

Үп диэн тылынан үксүн харчыны ааттыыллар, синоним курдук эбэтэр холбуу (үп-харчы).

Үп маннык көрүҥнэргэ үллэстэр: тэрилтэ үбэ, тус үп уонна аһаҕас үп.

Үп хааччыйыылара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Сүрүн ыстатыйа: Үп хааччыйыылара
Сүрүн ыстатыйа: Тус үп

Тус үп ыйытыылара:

  • Киhиэхэ (эбэтэр ыалга) төһө харчы наада буолуо уонна хаhан?
  • Ол харчы хантан уонна хайдах кэлэр?
  • Дьон хайдах эрдэттэн биллибэтэх түбэлтэлэртэн харыстаныахтарын сөбүй?
  • Ыал баайа (активтара) хайдах кэлэр сүһүөхтэргэ бэриллиэхтэрин сөбүй (утумнааhын)?
  • Түһээн политиката тус үп быhаарыыларыгар хайдах дьайар?
  • Кредит киhи харчытын илгэтигэр хайдах дьайар?
  • Бигэтэ суох экономика тулалыыр эйгэтигэр хайдах үп эрэмньилээх инникитин былаанныахха сөбүй?

Тус үптэрин дьон хайдах тутталлар? Үксүн маннык: үөрэҕирии төлөбүрэ, «өр үйэлээх» маллары ылыы (холобур, хамсаабат баай уонна массыына), харыстаныыны үбүлээhин (холобур, доруобуйаны эбэтэр бас билиини харыстаныы), уурайыыга (пенсияҕа тахсыыга) анаан харчы угуу.

Сүрүн ыстатыйа: Тэрилтэ үбэ

Тэрилтэ (корпорация) үбэ диэн тэрилтэ үлэтин үбүлээhинин хааччыйар сорудах.

Уhун болдьохтоох үбүлээhин бас билиигэ кыттыынан (акция) уонна уhун болдьохтоох кредитынан бэриллэр, үксүн облигация курдук.

Үп атын бизнес быhаарыыта — инвестиция, ол эбэтэр активтарынан салайыы. Инвестиция диэн активтары ылыы. Инвестициялааччы ылар активтарын сыаналара оннунан хаалыа эбэтэр үүнүө диэн эрэнэр.

Инвестициялааhыҥҥа (бартыбыал талыытыгар) туох, төһө уонна хаһан диэн ыйытыылар быhаарыллыахтаахтар.

Сүрүн ыстатыйа: Капитал

Капитал диэн харчы. Капитал бизнеска малы оҥорорго (эбэтэр хааччыйыыны тэрийиигэ) анаан атын малы ылар кыаҕы биэрэр.

Сүрүн ыстатыйа: Бүддьүөт

Бүддьүөт диэн тэрилтэ бизнес былаанын бигэргэтэр докумуон.

Сүрүн ыстатыйа: Аһаҕас үп

Ил, регион, куорат эбэтэр муниципалитет үбэ аһаҕас үп дэнэр.

Сүрүн ыстатыйа: Үп экономиката

Үп экономиката диэн үп уларыйар кэриҥнэрин (сыана, өлүү сыаналааhына уонна акция) ситимнэhиилэрин үөрэтэр экономика салаата.

Үп экономиката үөрэтэр темалара:

  • Сыаналааhын - актив кырдьык сыанатын билии
    • Бу актив төһө кутталлаах?
    • Туох харчы сүүрээнин оҥоруой?
    • Баhаар сыаната маннык курдук активтардыын хайдах тэҥнэhэр?
    • Харчы сүүрээннэрэ атын активтан эбэтэр түбэлтэттэн тутулуктаахтар дуо?
  • Үп баhаардара уонна сэптэрэ
    • Табаардар
    • Хаhаастар
    • Облигациялар
    • Харчы баhаарын сэптэрэ
  • Үп институттара уонна регуляция

Үп эконометриката диэн үп экономикатын салаата, кини экономика ньымаларын сыhыаннары чинчийиигэ туттар.

Сүрүн ыстатыйа: Үп математиката

Үп математиката диэн туттуллар математика салаата. Математика ньымаларынан (сүрүннээн статистиканан) үп баhаардарын сыhыаннарын үөрэтэр.