Уһун кутурук
Тас көрүҥэ
Уһун кутурук (нууч. Длиннохвостая синица, лат. Aegithalos caudatus) — наһаа уһун кутуруктаах чыычаах. Уһун кутуруктаах чычып-чааптар уустарыгар киирэр.
Көхсө, кынаттара уонна кутуруга хара, санныгар роза өҥнөөх балаһалаах, төбөтө, этин аллараа өттүн түүтэ уонна кынаттарын кырыылара маҥаннар. Тыһыта уонна атыыра майгыннаһаллар.
Маска олохсуйар үөннэринэн аһылыктанар. Саха сирин соҕуруу аҥаарыгар олохсуйар. Дэҥҥэ кыстыыр, үксүүн соҕуруу барар. Сэдэхтик көстөр көрүҥ.
Туһаныллыбыт сирэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Знаете ли вы птиц Якутии, Б. И. Сидоров, Бичик, 1999, ISBN 5-7696-0956-7
Бу көтөргө сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |