Тутааччы күнэ
Тас көрүҥэ
Тутааччы күнэ — тутууга сыһыаннаах идэлээхтэргэ аналлаах күн. Атырдьах ыйын иккис баскыһыанньатыгар Арассыыйаҕа уонна сорох урукку Сойуус өрөспүүбүлүкэлэригэр бэлиэтэнэр.
Бу күнү 1955 сыллаахха балаҕан ыйын 6 Никита Хрущев көҕүлээһининэн ССРС Үрдүкү Сэбиэтин бөрөсүүдьүмэ анаабыта. Хрущев Жигулёвскай ГЭС тутуутугар сылдьан тутааччылар үлэлэрин сөхпүт, онтон сылтаан бу ыйааҕы таһааттарбыт. Аан бастаан ССРС-ка 1966 сыллаахха атырдьах ыйын 12 күнүгэр бэлиэтэммитэ.
2011 сыллаахха Арассыыйа Федерациятын эрэгийэннэрин сайдыытын министиэристибэтин быһаарыытынан Тутааччы күнэ Арассыыйаҕа бырааһынньык быһыытынан бигэргэтиллибитэ[1][2].
Почта мааркаларыгар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]-
«Тутааччы күнэ», 1956, номинал 40 х.
-
«Тутааччы күнэ», 1956, номинал 60 х.
-
«Тутааччы күнэ», 1956, номинал 1 солк.
-
«Хомуньууһум улуу тутуулара»: Каховскай ГЭС, Соҕуру�� Украина уонна Хотугу Кырыым ханааллара, номинал 20 х.
-
«Хомуньууһум улуу тутуулара»: Сталинград гидроэлектростанцията (1951—1956)]], номинала 40 х.
-
«Хомуньууһум улуу тутуулара»: Волга-Дон ханаала уонна Ростовской уобалаһын уонна Сталинград уобалаһын соҕуруу орйуоннарын нүөлсүтэр ханааллара, номинал 30 х.
-
«Хомуньууһум улуу тутуулара»: Куйбышевскай гидроэлектростанция (1950—1955), номинал 1 солк.
-
«Хомуньууһум улуу тутуулара»: Туркмения сүрүн ханаала (1951—1957), номинал 60 х.
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ День строителя обрёл федеральный статус. «Вести.ру» // vesti.ru (14 августа 2011 года)
- ↑ Иван Юрченко. День строителя стал федеральным праздником. — Работников отрасли поздравил Дмитрий Медведев. Газета «Комсомольская правда» // kp.ru (14 августа 2011 года)