Йүрүктэр
Йүрүктэр (туур. Yörük(ler), Yürük(ler); "сүүрэр" диэн суолталаах) – турок омугун көс биистэрэ.
Йүрүктэр туһунан
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Сорох чинчийээччилэр сабаҕалыылларынан үрүк диэн аат yürümek "сүүрэр" диэн туохтууртан үөскээбит. Йүрүктэр түүр тыллаах омуктар оҕус биистэриттэн, чуолаан туркмен биистэриттэн үөскээбиттэр. Былыр турок-селдьуктар Орто Азияттан Ирааҥҥа уонна Византия сирдэригэр көспүттэр уонна ол сирдэри баһылаан онно олохсуйбуттар. Кинилэри кытта кэлбит, ол гынан баран туроктар курдук биир сиргэ олорбокко былыргы үгэстэринэн көһөр биистэри йүрүк диэн ааттаабыттар. Йүрүктэр Конья уонна Осман султанаттар сэриилэрин сүрүн күүстэрэ этилэр.
Йүрүктэр биистэрэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Йүрүктэр былыр былыргыттан хас да биистэргэ арахсаллар:
- Ак-Сигирли (Aksigrli),
- Али-Эфенди (Ali-Efendi),
- Баһсыс (Bahsıs),
- Чакаллар (Cakallar),
- Чошлу (Coşlu),
- Кекли (Qekli),
- Гачар (Gacar),
- Гюзельбейли (Güzelbeyli),
- Хорзум (Horzum),
- Кара-Эвли (Karaevli),
- Кара-Хачили (Karahacılı),
- Кара-Коюнлу (Karakoyunlu),
- Кара-Каяли (Karakayalı),
- Кара-Лар (Karalar),
- Кара-Кечили (Karakeçili),
- Манавли (Manavlı),
- Мелеменчи (Melemenci),
- Сан-Агали (San-Agalı),
- Сан-Хачили (Sanhacılı),
- Сары-Кечили (Sarıkeçili),
- Текели (Tekeli) уонна
- Йени-Османли (Yeni-Osmanlı[1]).
Олорор сирдэрэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Йүрүктэр XIV үйэ ортотугар турок сэрииһиттэрин кытта Европаҕа тиийэн баран сүрүн суоллар усталарынан олохсуйбуттар (Фракияҕа, Добрудьаҕа, Македонияҕа)
Европаҕа олохсуйбут йүрүктэр, ордук Козани диэн Греция йүрүктэрэ былыргы үгэстэринэн көс олохторун салҕаабыттар. Македонияҕа йүрүктэр Плачковица диэн сиргэ олохсуйбуттар, Дойран, Штип уонна Струмниц диэн сирдэргэ олороллор. Холобур, Мустафа Кэмал Ататүрк аҕата Македония йүрүктэриттэн этэ.
Йүрүктэр олохторо-дьаһахтара сорох ромаан омуктарын кытта майгыннаһар буолан, бу омуктар ситимнэрэ күүһүрбүт. Сорох ромааннар йүрүктэртэн ислам итэҕэлин ылыммыттар. Кинилэри 1923 сыллаахха турок-гириэк сэриитин кэмигэр йүрүктэри кытары Турцияҕа үүрбүттэр.
Билиҥҥи Турцияҕа, ордук илин уонна соҕуруулуу илиҥҥи өттүгэр (Тавр хайаларыгар) йүрүк көс биистэрэ баччааҥҥа диэри бааллар
Македонияҕа билигин даҕаны йүрүк диаспората баар. Кинилэр сүрүннээн былыргы олохторун-дьаһахтарын тутан хаалбыттар. Үгүстэрэ үөрэҕэ суох уонна туроктыы эрэ билэр.
Тас дьүһүннэрэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]А. А. Ивановскай диэн чинчийээччи йүрүктэргэ күүстээх монголиднай быһыыларын булбут. Монголоиднай быһыылара Орто үйэтээҕи түүрдэртэн хаалбыт буолуохтаах[2].