Поль Гоген
Эжен Анри Поль Гоген | |
Хаһан төрөөбүтэ: | |
---|---|
Төрөөбүт сирэ: | |
Өлбүт күнэ: | |
Өлбүт сирэ: |
Хива-Оа арыы (Маркиз арыылара) |
Үлэлэрэ Биики ыскылаатыгар |
Эжен Анри Поль Гоге́н (фр. Eugène Henri Paul Gauguin; бэс ыйын 7, 1848 — ыам ыйын 8, 1903) — французскай живописец, скульптор-керамист уонна график.
Париж куоракка төрөөбүт. 1865 сыллаахха атыыһыт хараабыл хамаандатыгар киирэн хас да уһун айаннарга сылдьыбыт. 23 сааһыгар Парижка кылгас ол гынан баран байарга тиэрдибит урбаан үлэтин саҕалаабыт. Харчыта хаҥаан импрессионистар хартыыналарын коллекциялааһынынан дьарыктаммыт. 1883 сыллаахха эргиэнтэн тэйэр уонна худуоһунньук буолар. Онтон сылтаан дьадайар уонна дьиэ кэргэниттэн арахсар. 1887 сыллаахха Гоген Мартиника арыыга айанныыр; ол сылдьан үлэтэ таһаарыылаах буоларын наадатыгар айылҕаҕа чугас, дьонтон ойуччу сылдьара ордугун өйдүүр. 1888 с. кылгас кэмҥэ Бретань диэн сиргэ сылдьар. Манна олорон суруйбут хартыыналарыгар импрессионистар чаҕылхай үлэлэриттэн атын, Бретань тыйыс айылҕатын кэрэтин, бааһынайдар олохторун ойуулуур. Бу сылларга Гоген синтетизм диэн ааттаммыт саҥа сүүрээн салайааччыта буолар. Бу сүүрээн батыһааччылара өҥү уонна дьүһүнү саҥатык туһаналлар.
1888 сыл бүтүүтүгэр Гоген хас да ый Арле диэн сиргэ Ван Гогу кытта алтыһар.
1891 сыл саҥатыгар Гоген үлэлэрин аукциоҥҥа атыылаан баран Таити арыыга барар. Манна айылҕаны кытта дьүөрэлэһэн олорор дьон уобарастарын айар, сиргэ баар ырай олоҕун көрдөрөр, бар дьон көмүс үйэлэрин ойуулуур (холобур, "Манао Тупапау - Следящий Дух мертвого" (1892) уонна "Таитянские пасторали" (1893, Санкт-Петербург, Эрмитаж).
Ыарыы уонна дьадайыы күһэйэннэр 1893 с. Гоген Парижка төннөр. Икки сылынан эмиэ Гаитига кэлэр. Манна айбыт үлэтэ - панно "Откуда мы? Кто мы? Куда мы идем?" (1898, Бостон, Музей изящных искусств) - киһи олоҕун кэрдиистэрин аллегорията.
1898 сыллаахха быста дьадайан ыксаан Гоген бэйэтигэр тиийинэ сатыыр. 1901 с. Доминик арыыга көһөр (Маркиз арыылара), онно соҕотох, ыарыһах сытан ыам ыйын 8 күнүгэр 1903 сыллаахха өлөр.
-
Иистэнэр дьахтар (1880)
-
Сибэккилээх дьахтар (1891)
-
Өлбүттэр куттара утуйбат (1892)
-
А, эн күнүүлүүгүн? (1892)
-
Куһаҕан тыын оонньуута (1894)
Сигэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Поль Гоген. Хартыыналара уонна биографията
- Поль Гоген чуолкайдык көстөр хартыыналара
- Поль Гоген хартыыналарын галереята
- Поль Гоге́н Архыыптаммыт 2006, Сэтинньи 30 күнүгэр.(ааҥл.)
- Поль Гоген — Биографията уонна биллэр хартыналара
- Поль Гоген олоҕо уонна айар үлэтэ Импрессионистар Хартыыналара саайка