Арыгыны тэйитии
Арыгыны тэйитии диэн улаатан эрэр оҕолортон арыгы иһээччилэри, арыгыһыттары туспа араарыы, тус-туспа дьиэлэргэ сылдьыыларын тэрийии ааттанар. Арыгы иһэр туспа дьиэлэри тэрийии кыра оҕолор арыгы иһээччилэри кытта сылдьалларын, көрөллөрүн, үтүктэллэрин суох оҥорон оҕоҕо арыгы иһэргэ үгэс үөскүүрүн суох оҥорор.
Сахалар кытаанах арыгыны нууччалар кэлиэхтэриттэн ыла билэннэр иһэргэ үөрэнэн барбыттара биллэр. Нууччалары кытта хайдах эйэлээхтик билсиспиттэрин туһунан суруйбаттар эрээри, нуучча норуотун былыргыттан олохсуйбут үгэһинэн ыалдьыты арыгынан күндүлээһин буолар. Кытаанах арыгыны үйэлэригэр испэтэх саха дьоно арыгынан дэлэччи хатаҕалааһыны хас эмэ үйэлэргэ син тулуйан, үөрэнэн бу кэмҥэ тиийэн кэллилэр. Арыгы дьон өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥмититтэн соҕотохто ылан быраҕа охсон кэбиһии хаһан да кыаттарбат. Былаас күүһүн туһанан арыгыны суох оҥоруу эбэтэр бобуу эмиэ кыаттарбатын «перестройка» кэмин иннинээҕи букатыннаахтык бобуу холобура үгүстэри итэҕэппитэ. Үгүс дьон арыгыны букатын суох оҥорууну, элбэх киһи быраабын күөмчүлүүрүн быһыытынан, табыгаһа суоҕунан ааҕаллар.
Арыгыны утары охсуһууга государство былаас күүһүн туһанан аһара эмискэ, кытаанах быһаарыныылары ылыныыта үгүстэргэ табатык өйдөммөт быһыы буолар. Арыгыны бэйэтин суох оҥорбокко, аһара хааччахтааһыны киллэрбэккэ эрэ, арыгы иһээччилэри бэйэлэрин арыгы испэт дьонтон тэйитии ньыматын туттуллар.
Арыгы иһээччилэри арыгы испэт дьонтон тэйитиигэ, араарыыга туспа турар аналлаах аһыыр уонна арыгы иһэр дьиэлэри тэрийтэлээн, арыгы иһиитин ол эрэ дьиэлэргэ көҥүллээһин туһата улахан. Арыгыны утары охсуһууну бу курдук тэрийии, арыгы иһиитин, арыгы испэт дьонтон, дьиэ хаһаайкаларыттан уонна кыра оҕолортон тэйитэр. Арыгы иһиитин аналлаах дьиэлэргэ эрэ көҥүллээһин, эдэрдэр онно-манна, уулуссаҕа уонна общественнай миэстэлэргэ арыгы уонна пиибэ иһэллэрин букатыннаахтык суох оҥоруон сөп.
Туспа турар аналлаах арыгы иһэр элбэх дьиэлэри тэрийии кэнниттэн, ити дьиэлэртэн атын сирдэргэ, общественнай миэстэлэргэ бэрээдэгэ суох арыгы иһээччилэри былаас күүһүн туһанан бэрээдэккэ ыҥырыллар. Итинник бобуу, хааччахтааһын баар буолуутун арыгы иһэр дьон бэйэлэрэ да өйдүүллэр уонна тутуһаллар. Арыгы иһэр кэмҥэ элбэх астаах, бэрээдэктээх сиргэ олоро түһэн аһааһын итирбэт, аһара испэт буолууга улаханнык көмөлөһөрүн таһынан бэйэтэ үчүгэй майгыга ыҥырар холобурунан буоларын эмиэ туһаныллар.
Уулуссаҕа уонна общественнай миэстэлэргэ эдэр дьон арыгы иһэллэрэ кыра, улаатан эрэр оҕолорго олус куһаҕан холобур буолар. Оҕолор бэйэлэрин улааппыт, бастаан иһээччилэрин ити холобурдарын көрөннөр баҕа санааларын ону толоруу диэки салайдахтарына, улааттылар даҕаны үтүктүбүтүнэн бараллара ханнык да саарбаҕа суох. Кыра оҕолор улаата түһэн, бэйэлэрин толкуйдуур өйдөрө-санаалара сайдан, бөҕөргүөр диэри арыгыһыттары, арыгыны элбэҕи иһиини, итириини соччо көрбөтөхтөрүнэ даҕаны бэйэлэригэр ордук буолар. Арыгы испит киһи үөрэрэ-көтөрө, ыллыыра-туойара кыра оҕо өйүгэр олох маннык, арыгылаах буоллаҕына ордук үчүгэй эбит диэн өйдөбүлү иҥэрэр, оннук үгэһи үөскэтэр буолан куһаҕана улаатар, куруук дьайа сылдьар сабыдыалланар.
Арыгы иһиитин туспа араарыыны оҥордоххо саҥа улаатан иһэр оҕолорго уулуссаҕа уонна общественнай миэстэлэргэ арыгы иһэн куһаҕан холобуру көрдөрүү суох буолар. Бу былааны тутустахха кэлэр көлүөнэ эдэр ыччаттар арыгы иһиититтэн сыыйа тэйэн бараллар. Манна ордук улахан туһаны, ити арыгы иһэр дьиэлэр соччо үчүгэйэ суох сурахтара оҥорор. Куһаҕан сурахтар уонна холобурдар дьону ордук түргэнник ол сирдэртэн тэйитиэ этилэр. Төрөппүттэрин уонна арыгы испэт дьон көмөлөрүнэн улаатан иһэр оҕолор итинник, соччо үчүгэйэ суох миэстэлэр��эн тэйиччи туттуна сылдьарга үөрэнэн хаалыахтара.
Маннык туспа турар аналлаах аһыыр, арыгы, пиибэ иһэр дьиэлэри тэрийэн арыгы иһээччилэри, атын арыгы испэт дьонтон уонна саҥа улаатан эрэр оҕолортон тэйитэн, арааран биэрдэххэ сыыйа-баайа кэлэн иһэр көлүөнэлэр арыгыттан арахсан, тэйэн баралларын ситиһиэххэ сөп. Арыгыны иһэри бэрээдэктииргэ эйэлээх ньыманы, арыгыны тэйитиини эрэ туттан, арыгыһыттар аҕыйаан баралларыгар оҥкул ууруохха сөп.
Бу саҥа тэриллэр арыгы иһэр уонна аһыыр дьиэлэри былыргы куһаҕан сурахтаммыт кабаахтары кытта тэҥнээһин улахан сыыһа. Ханнык да буолбутун иһин биир үйэттэн ордук кэм аастаҕа, дьон-сэргэ өйө-санаата арыыйда сайынна, үөрэҕи-билиини баһылаатылар. Билигин атын үйэ, урукку курдук арыгы иһиитигэр үөрэнэ сатыыр буолбакка арыгыны испэт буолууга үөрэнэр кэм.
Арыгы иһээччилэр саһан олорон иһэр сирдэрэ олорор дьиэлэрэ буолар. Дьиэтигэр арыгылыыр аҕа уол оҕото, аҕатын үтүктэн, кини курдук эмиэ арыгыны иһэргэ үөрэнэн хаалыан сөбө олус куһаҕан. Арыгыны иһии үгэһэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн салгыы баран уонна эбиллэн иһэрэ олохсуйан хаалбытын туспа турар аналлаах арыгы иһэр дьиэлэри тэрийэн суох оҥоруллар. Бу дьиэлэри тэрийии арыгыны иһэр буолуу салгыы баран, эдэр көлүөнэлэргэ бэриллэр сибээһин быһан, арыгыһыттар аҕыйаан барыыларыгар дьэ тириэрдиэн сөп.
Куорат уулуссаларыгар, араас дьоннор сынньанар общественнай миэстэлэригэр арыгыны, пиибэни иһии олус тэнийбитин үтүө санаалаах дьон бэлиэтииллэрэ элбээтэ. Ордук бырааһынньыктар кэмнэригэр общественнай миэстэлэргэ, кыра оҕолор оонньуур, сынньанар сирдэригэр эдэр ыччаттар арыгыны, пиибэни элбэхтик иһэллэрин бэлиэтииллэр. Арыгы иһэргэ улахан проблемалар баалларын дьон үксэ билэллэр.
Уулуссаҕа, общественнай миэстэлэргэ арыгыны иһиини тохтотуохха. Бу этиигэ бары сөбүлэһэллэр. Кыра оҕолор арыгы иһэр дьону көрөн үтүктэллэрэ куһаҕан үгэһи иҥэринэн хаалалларыгар тириэрдэрин тохтотуу эрэйиллэр. Арыгы иһэр дьоҥҥо элбэх ахсааннаах аналлаах дьиэлэри оҥордоххо эрэ, бу үтүө баҕа санаа олоххо киирэрэ кыаллыан сөп.
Киһи барыта биирдэ арыгы иһэригэр биирдии бытыылка арыгыны ылан соҕотохто иһэн кэбиспэт. Сорох киһи биир эмэ үрүүмкэ арыгыны иһиэн баҕардаҕына, атын дьону эмиэ көҕүлүүрүгэр тиийэр. Норуот ол иһин «үс буолан кыттыһан иһиэххэ», диэн этиини үөскэппит эбит. Биир бытыылка арыгы элбэх дьон арыгылыырын саҕалыыр, онтон арыгыны аҥардас бытыылкаларынан эрэ атыылааһын үгүс элбэх киһи арыгыны иһэллэригэр тириэрдэр. Маннык элбэх дьон кыттыһан арыгылыырын суох оҥорор туһугар арыгыны үрүүмкэнэн атыылыыр сирдэри, арыгы иһэр дьиэлэри элбэхтик тэрийэн үлэлэттэххэ, бу дьыала көнөр суолга киириэ этэ.
Арыгы иһиэн баҕарбыт биир киһи аналлаах, чугас турар аһыыр уонна арыгы иһэр дьиэҕэ киирэн, атын дьону аймаабакка эрэ, сөп буолуор диэри бэйэтэ иһиэн сөп. Бу киһи ол аналлаах дьиэҕэ киирэн арыгы истэҕинэ атын арыгы испэт дьону: кэргэттэрин уонна кыра оҕолору эрэйдиирэ, куһаҕан үгэскэ оҕотун үөрэтэрэ букатын суох буолуо этэ.
Арыгыны кытта охсуһууга элбэх санаалар этиллэллэр. Ордук баһыйар өттүн «былыргылыы», коммунистардыы, күүс өттүнэн бобо охсон кэбиһэр санаа ылар. Көннөрү, көнөтүк толкуйдаатахха туох да олус үтүөкэн санаа курдук. Бобо охсон кэбиһии биһиги ортобутуттан арыгыны утары охсуһааччылар үгүс өттүлэрэ кырдьаҕастар уонна дьахталлар буолалларын бэлиэтиир. Ыл да, бобо охсон кэбиһии букатын табыллыбатын өйдүүр кэм син кэлэн эрэр буолуон сөп этэ. Сөп түбэспэт санаалаах дьону барыларын сүөһү курдук үүрэ-хаайа сылдьыы тохтуур кэмэ эмиэ кэллэ. Арыгы суох буоллаҕына иһээччилэр, атын арыгыны солбуйааччылары буланнар уонна оҥостоннор син-биир испитинэн, итирбитинэн бараллара эмиэ даккаастанан турар чахчы буолар.
Кырдьаҕастар уонна дьахталлар наркоманнар диэн дьон баалларын уонна сылтан сыл аайы элбээн иһэллэрин соччо билэ иликтэр. Бу арыгытааҕар ордук күүстээх эмп эдэрдэр өйдөрүн-санааларын кылгас кэмҥэ күүскэ буортулуур кыахтаах. Арыгы суох буолуута эбэтэр сыаната үрдээһинэ эдэрдэри, аны ол, наркоманнар диэки үтүрүйэрэ эмиэ билиннэ, дакаастанна. (1,16).
Арыгыны боппокко эрэ, өссө киэҥник атыылыы туран, дьон өйдөрүттэн-санааларыттан тэйитии эрэ туһалаах буолуо. Кыра, саҥа улаатан эрэр оҕолору арыгыһыт буолуу үгэстэригэр үөрэтимиэххэ, арыгыһыттары кытта кыттыһыннарымыахха, тус-туспа араартыахха, тус-туспа дьиэлэргэ сылдьалларыгар үөрэтиэххэ. Арыгыны кыра оҕолортон тэйитэр туһугар, туспа турар аналлаах арыгы иһэр дьиэлэри элбэхтик тэрийэн, арыгы иһээччилэри онно олохтуохха.
Маннык тэриннэххэ арыгы иһээччилэр бэйэлэрэ, атын арыгы испэт дьонтон тэйиччи, туспа дьиэҕэ барыа, оҕолорго көстөллөрө аҕыйыа этилэр. Арыгы испэт дьон биһиэхэ эмиэ элбэхтэр. Кинилэр итириктэри көрбөттөрө бэйэлэригэр туһалаах.
Арыгыны иһэр дьиэлэри элбэҕи тэрийии кэнниттэн, дьон бырааптарын күөмчүлээбэккэ эрэ, былаас күүһүн туһанан уулуссаҕа, общественнай миэстэлэргэ арыгыны, пиибэни иһэ сылдьааччылары бэрээдэккэ ыҥырыахха дьэ сөп буолар. Арыгыны аналлаах дьиэҕэ эрэ иһэр кыаҕы дьоҥҥо биэрии сөбүлээн көрөн иһэ үөрэнэллэригэр көмөлөһөр кыаҕа улахан. (2,91).
Туһаныллыбыт литература.
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]1. "Туймаада" хаһыат. №256. 4.06.2015.
2. Каженкин И.И. Өй көтүүтэ. - Дьокуускай: ГБУ РС(Я) "Бизнес-инкубатор", 2018. - 152 с.
Бу ыстатыйаны тупсарарга?:
|