Тыл реформата
Тас көрүҥэ
Тыл реформата диэн тылга балысхан уларыйыыны киллэрэр тылы былааннааһын биир көрүҥэ. Сүрүн ньыманан судургутуу уонна пурификация буолаллар. Судургутуу тылы туттарга чэпчэтэн биэрэр, ол туһугар тылы-өһү, грамматиканы эбэтэр таба суруйууну сааһылыыр. Пурификация тылы «ыраас» курдук көстөр версиятыгар сөп түбэһиннэрэр.
Тыл реформата кэм чопчу биир моменыгар буолар. Тылга өр кэм тухары киирэр уларыйыылар манна хапсыбаттар.
Судургутуу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Пурификация
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Холобурдар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Тыл реформатын сорох холобурдарынан буолаллар:
- Каталаан — 1917 сыллаахха Pompeu Fabra «Diccionari ortogràfic» таһаарбыта, бастакы каталаан тылдьытын. Толору «Diccionari General de la Llengua Catalana» тылдьыт 1931 сыллаахха бэчээттэммитэ.
- Кытай
- (1920-стэр) — классическэй кытай бичигин оннугар кэпсэтиллэр кытай бичигин суруйууга стандарт быһыытынан олохтообуттар.
- Путунхуаны араас кытай диалекттарыттан стандарт быһыытынан талбыттара.
- (1950-стар КНР) — судургутуллубут иероглифтары киллэрэн бичиги уларыппыттара (ону кэлин Сингапур уонна Малайзия ылыммыттара, ол эрэн традиционнай иероглифтар Тайваҥҥа, Гонкоҥҥа, Макаоҕа уонна сорох тас дойдуларга олохсуйбут кытайдар диаспораларыгар туттуллаллар).
- Нуучча (1918 с.) – Орфографияҕа улахан уларыйыылар, хас да буукуба алпабыыттан сотуллубута. Грамматикаҕа кыра уларыйыылар, реформа тыл сорох өрүттэрин судургуппута. Атын реформалар 1708/1710 сс. уонна 1956 с. буолбуттара.
- Чех (19-с үйэ) – Josef Jungmann тылдьыта тылы-өһү саҥардыыга көмөлөспүтэ. 1840-тарга w буукубаны v-нан солбуйбуттара.
- Эстон (1910-стар/1920-стэр) – Johannes Aavik уонна Johannes V. Veski салайыылаах реформа хамсааһына тылы-өһү саҥардыбыта, фиин уонна атын урал тылларыттан элбэх тылы үтүктэн ылбыттара, ону кытары саҥа тыллары айбыттара.
- Грек (1970-стар/1980-стар) – Сурук-бичик тыла, katharevousa, былыргы грек тылларынан толору этэ, онтон дьон кэпсэтэр тылыгар, dhimotiki-гэ, ол суоҕа. Байыаннайдар былаастара суллубутун кэннэ, кэпсэтии тылын эмиэ сурукка киллэрэр сокуон ылыллыбыта. Холобура, 1982 сылтан ыла грек харчытыгар валюта элбэх аата drachmai-тан (katharevousa-лыы) drachmes (dhimotiki-лии) буолбута.
- Иврит (1920-стар) – Аныгы иврит былыргы ивриккэ олоҕуран айыллыбыта. Былыргы фонетиканы, грамматиканы уонна лексиканы индоевропейскэй тылларга майгыннатан судургуппуттара. Саҥа тыллар үөскүүр ньымалара эмиэ Европа тылларын моделлэригэр олоҕурбуттара.
- Венгрия (18-с үйэ бүтүүтэ уонна 19-с үйэ саҕаланыыта) – Уонтан тахса тыһыынча саҥа тыл айыллыбыта, олортон хас да тыһыынча тыл билигин да киэҥник туттуллаллар.
- Ирландия (1940-стар) – Сурук систиэмэтэ күүскэ судургутуллубута, ол курдук Gaedheal оннугар Gael, Ó Séigheadh оннугар Ó Sé буолбута.
- Дьоппуон (1946 с.) – былыргылыы кана туттуллуута аныгылыы кана туттуллуутунан солбутуллубута, ону кытары кандзи систиэмэтэ традиционнай кытайдыы иероглифтартан саҥа иероглифтарга көспүтэ.
- Норвегия (20-с үйэ) – 1814 сыллаахха Норвегия Данияттан көҥүл ылаатын кытта Норвег тыла Дания киэниттэн тэйэн барбыта. 1907 уонна 1917 сс. реформалар Riksmål-ы Норвегия сурукка стандарт тылынан оҥорбуттара, 1929 с. Bokmål диэн аатын уларыппытара. Bokmål уонна өссө биир диалект тыл Nynorsk 1938 сыллаахха бэйэ-бэйэлэригэр чугаһатыллыбыттара. Билигин ити икки тыл суруктаахтар. Норвегия харчытыгар, дойду аата икки варианнаах: Norge (Bokmål) уонна Noreg (Nynorsk).
- Румыния (19-с үйэ) – Кирилиццаны латиницанан солбуйбуттар, тыһыынчанан славян тылларын оннуларыгар романскай төрдүлээх тыллары киллэрбиттэр. Румын тылын таба суруйуутун реформалара 1904, 1953 уонна 1993 сылларга ааспыттара, ону кытары икки дьоҕус реформа 1964 уонна 2005 сыллардаахха буолбуттара.
- Сомали (1970-стар) – Сомали тылын суруйарга анаан уларытыллыбыт латиницаны Сомали лингвиһа Shire Jama Ahmed оҥорон таһаарбыт. Ону 1972 сыллаахха Сомали бэрэсидьиэнэ, генерал Mohamed Siad Barre, булгуччулаах гыммыт. Итиэннэ тыл-өс саҥардыллыбыт, элбэх саҥа тыл сомалилыы тыл төрдүлэриттэн айыллыбыттар.
- Туурак (1930-стар) – Тыл уонна сурук-бичик 1920-стэртэн саҕалаан реформаламмыттара, урукку тыллара атыннык ааттаныаҕар диэри - осман туурак тыла. Осман алпаабыта араб киэнигэр олоҕурбут этэ, ол оннугар 1928 сыллаахтан ыла саҥа латиница туттуллар. Перс уонна араб төрүттээх киирии тыллар быраҕыллан туурак бэйэлэрин тылларынан эбэтэр саҥа түүр төрдүлээх тылларынан солбуллубуттара.
- Вьетнам (20-с үйэ) – Классическэй кытай тыла 1918 сыллаахха официальнай статуһун сүтэрбитэ. Ити кэмҥэ колониальнай оскуолаларга "Франко-вьетнамскай программаны" киллэрбиттэрэ. Вьетнам тыла латиницаны туһанан үорэтиллибитэ, кэлин ол алпаабыт официальнай буолбута.