Ксенофонтов Гавриил Васильевич
Гавриил Васильевич Ксенофонтов (16.01.1888—28.08.1938) — саха учуонайа, биллиилээх историк, этнограф, политическай, общественнай диэйэтэл..
Олоҕун олуктара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]1888 сыллаахха тохсунньу 4 күнүгэр (урукку стилинэн), саҥа стилинэн тохсунньу 16 күнүгэр, Арҕаа Хаҥалас улуус Төрдүс Малдьаҕар нэһилиэгэр төрөөбүт. 1912 сыллаахха Томскайдааҕы университет юридическай факультетын бүтэрбитэ. 1913—1917 сс. Дьокуускайга итэҕэллээх присяжнай быһыытынан үлэлээбитэ.
1920—1923 сс. Иркутскайдааҕы университекка үлэлээбитэ. Чинчийиилэригэр матырыйаал хомуйаары маннык экспедициялары тэрийбитэ:
1921 с. — Саха Сирин киин улуустарынан.
1923—1924 сс. — Өлүөнэ уонна Өлөөн өрүстэринэн.
1925—1926 сс. — Дьокуускай-Арҕаа Хаҥалас-Бүлүү уокуруга-Чуона-Ербогачен-Аллараа Тунгуска-Красноярскай-Хакасия-Арҕаа Бүрээтийэ.
1928 сылтан Иркутскайга олорбута. 1930-с сылларга Саха АССР Совнаркомун научнай-чинчийэр институтугар үлэлээбитэ. Ити кэмҥэ «Эллэйада» уонна «Урааҥхай сахалар» диэн улахан үлэлэрин бэлэмнээбитэ. «Эллэйада» — Эллэйгэ аналлаах, Эллэй туһунан былыргы үһүйээннэр. Ити кинигэ илиинэн суруллубутун 1965 сыллаахха П. Е. Ефремов итэҕэли утарар литература архыыбыттан булан, 1977 сыллаахха бэчээттэммитэ. «Урааҥхай сахалар» диэн сахалар былыргы устуоруйаларын туһунан очеркалар аан бастаан 1937 с. бэчээттэммитэ.
Г. В. Ксенофонтов 1937 сыллаахха Дмитров куоракка көспүтэ. Онно олорон «Урааҥхай сахалар» иккис туомун бүтэрбитэ.
1938 с. муус устар 22 к. кинини Москва чугаһынааҕы Дмитров куоракка үлэлии олордоҕуна «сахалар дьыалаларыгар» П. А. Ойуунускайы кытта тутан ылан хаайбыттара. 1938 с. атырдьах ыйын 28 к. ССРС Үрдүкү Суута үспүйүөннээһин иһин буруйдаан ытарга уураахтаабыта уонна ити күн ытыллыбыта. Көмүллүбүт сирэ — «Коммунарка» диэн НКВД полигона. 1957 с. атырдьах ыйын 22 к. ССРС Үрдүкү Суутунан сырдык аата тиллибитэ.
Г. В. Ксенофонтов аатын Покровскай куоракка баар кыраайы үөрэтэр түмэл сүгэр.
Үлэлэрэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Изображения на скалах реки Лены в пределах Якутского округа // Бурятоведение. 1927. № 3/4. — С. 64—70;
- Легенды и рассказы о шаманах у якутов, бурят и тунгусов: (Материалы о мифологии урало-алтайских племен в Северной Азии). — Иркутск, 1928 (переиздано: М., 1930);
- Хрестес, шаманизм и христианство: (Факты и выводы). — Иркутск, 1929;
- Культ сумасшествия в урало-алтайском шаманизме: (К вопросу об умирающем и воскресающем боге). — Иркутск, 1929;
- Пастушеский быт и мифологические воззрения народов классического Востока. — Иркутск, 1929;
- Расшифровка двух памятников орхонской письменности из западного Прибайкалья — М. Рэзэненом // ЯМ. 1933. — Т. 1. — С. 170—173;
- Ураангхай-сахалар: Очерки по древней истории якутов. — Т. 1. — Иркутск, 1937 (2-е изд.: Якутск, 1992);
- Эллейада: Материалы по мифологии и легендарной истории якутов. — М., 1977; Переиздано: Якутск, 2005
- Шаманизм: Избранные труды. Якутск, 1992.
Аатын үйэтитии
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Хаҥалас улууһугар кини аатын кыраайы үөрэтэр музей уонна Тиит Аpыы орто оскуолата сүгэллэр.
Г. В. Ксенофонтов туһунан:
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Хороших П. О докладе Г. В. Ксенофонтова «Завоевание якутами территории Якутской области и отражение этого в богатырском эпосе и в изображениях на скалах по р. Лене» // Власть труда. 1922. № 69 — 708;
- О работе этнографа Г. В. Ксенофонтова // Ксенофонтов Г. В. Ураангхай-сахалар: Очерки по древней истории якутов. — Т. 1. — Иркутск, 1937. — С. 3—11;
- Горький и Сибирь. Новосибирск, 1961. С. 262, 263, 276, 277;
- Эргис Г. У. Итоги и задачи изучения якутского фольклора // Основные проблемы изучения поэтического творчества народов Сибири и Дальнего Востока. — Улан-Удэ, 1961. — С. 53—56;
- Г. В. Ксенофонтов — якутский ученый-этнограф // Календарь знаменательных и памятных дат Якутской АССР на 1963 год. — Якутск, 1963. — С. 8—10;
- Советские историки-якутоведы. — 1973. — С. 30—40;
- Эргис Г. У. О научной деятельности и рукописном архиве Г. В. Ксенофонтова // Очерки истории русской этнографии, фольклористики и антропологии. — 1978. Вып. 8. — С. 122—141;
- Николаев И., Ушницкий И. Центральное дело: Хроника сталинских репрессий в Якутии. — Якутск, 1990. — С. 78—81; РВост. № 4. — С. 125;
- Иванов В. Н. «Ураангхай-сахалар» Г. В. Ксенофонтова // Ксенофонтов Г. В. Ураангхай-сахалар: Очерки по древней истории якутов. — Т. 1, кн. 1.— Якутск, 1992. — С. 5—10
Сигэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- А. П. Окладников. «Эллэйада» Г. В. Ксенофонтова. В книге Г. В. Ксенофонтов. «Эллэйада», Москва, Наука, 1977.
- Ксенофонтов Гавриил Васильевич: Люди и судьбы. Биобиблиографический словарь востоковедов — жертв политического террора в советский период (1917—1991). Изд. подготовили Я. В. Васильков, М. Ю. Сорокина. СПб.: Петербургское Востоковедение, 2003. 496 с.
- Виртуальный МУЗЕЙ ГУЛАГА Архыыптаммыт 2018, Ахсынньы 18 күнүгэр.
- http://www.sakhasire.com/index.php?itemid=2722 Архыыптаммыт 2016, Кулун тутар 5 күнүгэр. Руника — Уһун Дьурантаайы суруга. — «Саха сирэ» хаһыат.
- Иннокентий Неустроев[. «Саха бастакы үрдүк үөрэхтээхтэрэ». — «Кыым» хаһыат, 15.04.2007.
- Репрессии учёных, биографические материалы.
- «Илин» сурунаал, , 2000 с., № 1
Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |