Иһинээҕитигэр көс

999 (ахсаан)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Барыл 21:11, 12 Сэтинньи 2022; 216.234.200.179 (ырытыы)
(уратыта) ←Инники барыл | Билиҥҥи барыл (уратыта) | Аныгыскы барыл→ (уратыта)

999 (тоҕус сүүс тоҕус уон тоҕус) — дьиҥ ахсаан, 998 уонна 1000 икки ардыларыгар турар ахсаан.

  • Бу ахсаан сыыппараларын эбии: 9 + 9 + 9 = 27.
  • 9992 = 998 001.
  • 9993 = 997 002 999.
  • 999 — үс сыыппараттан турар ахсааннартан муҥур улаханнара.
  • 999 — палиндром-ахсаан.
  • 1999 сыл
  • 999 кв. миль — Люксембург сирин иэнэ.

Саха фольклоругар

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
999 сүөһү туһунан. Кэпсээн да, суруйуу да элбэх. «Чоочо Солобочукуоп уонна Тэппээк ойуун» диэн үһүйээнтэн.

«Чоочо Солобочукуоп диэн Илин Хаҥалас кулубата, Манчаары абаҕата олорбута эбитэ үһү. Кини сэттэ уоллааҕа эбитэ үһү. Тоҕус сүүс тоҕус уон тоҕус сүөһүнү ииппитэ эбитэ үһү. Тыһыынчатын биир сүөһү кыайбатах. Кини бэрт улахан санааҕа ылларбыта эбитэ үһү: «Тоҕо бу мин сүөһүм тыһыынчаҕа туолара биир сүөһү тиийбэтий», — диэн. Кини, биир сүөһүнү туора дьонтон булан аҕаллаҕына, бэйэтин сүөһүтүттэн отут-сүүрбэ сүөһү өлөр, итэҕэстэнэн хаалара үһү».

9 ойох, 99 эһэ, 999 сүөһү. Үөһээҥҥилэр итинник маанылаабыттарыгар сөп буолбакка, өссө өрө барарыҥ — аньыы. Ол хайаан да иэстэбиллээх буолар.

— Багдарыын Сүлбэ[1]