Иһинээҕитигэр көс

1964 сыл

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
(Мантан: 1964 көстө)
Сыллар
1960 1961 1962 196319641965 1966 1967 1968
Уоннуу сыллар
1930-с 1940-с 1950-с1960-с1970-с 1980-с 1990-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1964 сыл.

  • Тохсунньу 8АХШ бэрэсидьиэнэ Линдон Б. Джонсон дойдуга «дьадайыыны утары сэриини» биллэрбит. Уон сыл иһигэр дьадаҥы дьон ахсаана 17,3%-тан 11,1%-ҥа диэри намтаабыт.
  • Тохсунньу 11 — АХШ сүрүн хируура Лютер Терри, «Табах тардыы уонна доруобуйа» диэн киэҥник биллибит отчуотун таһаарбыт. Отчуокка табах тардыы доруобуйаҕа сэрэхтээҕэ этиллибит, мантан сылтаан дойду иһигэр уонна аан дойду да үрдүнэн табахтааһыны утары миэрэлэр ылыллыбыттар.
  • Муус устар 13 — артыыс Сидни Пуатье бастыҥ эр киһи оруолун иһин Оскар бириэмийэтин ылбыт бастакы хара тириилээх американец буолбут.
  • Муус устар 24 — Ньурба аатырбыт сылгыһытыгар Николай Михайловка «Саха АССР үтүөлээх сылгыһыта» аат иҥэриллибит. Мэҥэдьэк сылгыта туспа боруода буоларыгар кылаатын киллэрбит киһи.
  • Атырдьах ыйын 1 — Хас чаас аҥаарын аайы эпииргэ «Маяк» радиостанция позывнойдара тыаһыыр буолбуттар.
  • Атырдьах ыйын 4Вьетнам кытылын чугаһыгар Тонкин хомотугар АХШ байыаннай хараабыллара кинилэргэ Хотугу Вьетнам катердара саба түспүттэрин туһунан сымыйанан биллэрбиттэр. Мантан сылтаан Вьетнам сэриитэ саҕаламмыта.
  • Бэс ыйын 14Елена Слепцова – Куорсуннаах — бэйиэт, прозаик, саха бастакы идэтийбит дрессировщиктарыттан биирдэстэрэ, СӨ үтүөлээх артыыһа. Айар интэриэһэ киэҥин сөҕөллөр. Бөдөҥ прозаҕа үлэлиир тарбахха баттанар саха суруйааччыларыттан биирдэстэрэ. Көстүбэт күүстэри ойуулуур кэпсээннэрин ааҕан киһи этэ аһыллар. Экзюпери "Кыра тыгынын" тылбаастаабыта. Аныгы саха өйдөөтүн диэн, олоҥхону эспэримиэн быһыытынан проза оҥорон бэчээттэппитэ билигин киһи хантан да булбат кинигэтэ буолан турар.
  • Алтынньы 1 — Афанасий Максимов — “Якол”, "Илин", “Илин Тур” тэрилтэлэри төрүттээччи урбаанньыт, СӨ бэлиитигэ, Ил Түмэн II, III, IV ыҥырыыларын дьокутаата, Дьокуускай куорат дууматын III ыҥырыытын дьокутаата, 2003-2008 сылларга “Саханефтегаз” ННГК ААО бэрэсидьиэнэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин авиациятын үтүөлээх үлэһитэ.
  1. Айархаан : этно-группа. — Якутск : Бичик, 2008. — 67 с. ; Будищев-Хонтой, Р.П. Алааспын ахтаммын... : [ыстатыйалар. очеркалар, хоһооннор] / Р. П. Будищев-Хонтой.— Дьокуускай, 2011. — С. 41–43 ; Энциклопедия культуры и искусства Якутии. — Якутск, 2011. — Кн. 1. — С. 145–146 ; 40 лет профессиональному эстрадному искусству Якутии. — Якутск, 2009. — С. 48–49 ; Дегтярева-Айархаан, А. М. АйЫллыы : [хоһооннор] / А. Дегтярева-Айархаан. — Дьокуускай : «Ситим-Медиа», 2014. — 127 с. ; Наша гордость : энцикл. выпускников якут. отд-ния. — Якутск, 2017. — С. 132 ; Дегтярева-Айархаан, А. М. Красота идет изнутри // Она+. — 2020. — 6 марта. — С. 41.