Иһинээҕитигэр көс

Харахалпахстан

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
(Мантан: Каракалпакстан көстө)
Харахалпахстан Республиката
Qaraqalpaqstan Respublikası
Flag of Qaraqalpaqstan Coat of arms of Qaraqalpaqstan
ЫҥырыытаJayxun jaģasında ósken bayterek
Өрөгөй ырыатаQaraqalpaqstan Respublikasınıń Mámleketlik Gimni
Location of Qaraqalpaqstan
Location of Qaraqalpaqstan
Киин куоратаНукус
Ил тыла Харахалпах тыла
Узбек тыла
Иэнэ
 -  Бүтүн 166 600 km² 
Алҕас: кэтэһиллибэтэх чыыһыла sq mi 
Олохтоохторо
 -  2023 estimate 1,923,734 
Кэм зоната (UTC+5)

Харахалпахстан (харахалпахтыы: Qaraqalpaqstan) диэн Харахалпах омук дойдута. Сорумдьу аата Харахалпахстан Республиката (Qaraqalpaqstan Respublikası). Узбекистан иһилигэр киирэр суверенитеттаах автономиялаах республика. Олохтоохторун ахсаана 1,923,734 киһи. Киин хотото Нукус.

Үстүрт хаптала

Харахалпахстан иэнэ 166 600 км², Узбекистан ордук улахан региона буолар, территориятын 40 %. Харахалпахстан Узбекистан хотугулуу-арҕаатыгар, Арал байҕалын соҕуруу кытылыгар, Амударья алын тардыытыгар баар. Харахалпахстан Туран намталыгар сытар. Харахалпахстан территориятын 80 % кумах куйаар. Хотугулуу-илин Кыһылкум, соҕуруулуу-арҕаа Харакум кумах куйаардара, хотугулуу-арҕаа Үстүрт хаптал бааллар. Арал байҕалын уолбут түгэҕэр Аралкум диэн саҥа кумах куйаара үөскүүр.

Кыһыл Хала

Харахалпахстан сирэ б.э.и. VI үйэттэн саҕалаан былыргы Хорезм илэ бас билиитигэр баара. 1219-1221 сылларга Чыҥыс Хаан сэриилэрэ Хорезм сирдэрин баһылаан хотолорун урусхаллаабыттара. Харахалпахтар XIV үйэ бүтүүтүгэр Ноҕай ордуутугар киирэр биистэр курдук аан бастаан ахтыллаллар. Арассыыйа история билимигэр Хорезм илэ XV үйэтээҕи кэмиттэн ыла Хива хаанылыга диэн ааттанар. 1511—1762 сылларга Хива хаанылыгын тойотторо Арабшахидтар (Шибанидтар удьуордара), 1763—1920 сылларга Хоҥорооттор. 1873 сылга Хива хаанылыга Арассыыйа империятын вассала буолар. Харахалпахтар олорор Амударья өрүс уҥа кытыла Хиваттан тахсан Арассыыйа Сырдарья уобалаһыгар киирэр. 1918 сылга большевиктар сэбиэт биилигин олохтууллар. 1924 сылга Харахалпах автономиялаах уобалаһа тэриллэр, киинэ Түөрткүөл хото. 1920-1925 сылларга Харахалпах автономиялаах уобалаһа Киргиз (Казах) АССРын иһилигэр киирэрэ. 1930 сылга Харахалпах автономиялаах уобалаһа Казах АССРттан таһаарыллан РСФСР иһилигэр киирбитэ. 1932 сыл кулун тутар 20 күнүгэр Харахалпах автономиялаах уобалаһа РСФСР иһилигэр баар Харахалпах АССР буолбута. Киинэ Нукус хото буолбута. 1936 сыл ахсынньы 5 күнүгэр Харахалпах АССРа Узбек ССРын иһилигэр бэриллибитэ. 1990 сыл ахсынньы 14 күнүгэр Харахалпах АССРын Үрдүкү сүбэтин сессиятыгар Ил суверенитет декларацията баттаммыта. Бу декларацияҕа суруллубутунан Харахалпах АССРа бүтүн республикатааҕы референдум нөҥүө көҥүл ил буолар кыахтанар. 1992 сыл тохсунньу 9 күнүгэр Харахалпахстан Республиката олохтоммута. 1993 сылга Харахалпахстан Республиката Узбекистан иһилигэр киирэрин туһунан 20 сыллаах икки иллээҕи сөбүлэҥ баттаммыта. Бу сөбүлэҥинэн Харахалпахстан Республиката Узбекистан иһилигиттэн референдум ыытан тахсар көҥүллээх. 2022 сылга Узбекистан конституциятын саҥа көннөрөөһүнүн оҥкула түмэт ырытыытыгар таһаарыллыбыта. Харахалпахстан Республикатын статуһуттан «суверенитеттаах» диэн аата сотуллубут этэ, уонна Харахалпахстан Узбекистантан арахсар көҥүлэ сүппүт этэ. Харахалпах дьоно маны утараннар 2022 сыл от ыйын 1-3 күннэригэр хаан тохтуулаах бырачыастар буолбуттара. Бу кэннэ Узбекистан президенэ Шавкат Мирзиёев этиитинэн дьон утарбыт көннөрүүлэрин соппуттара.

Харахалпахтар

Харахалпахстан 2022 сылга олохтоохторун ахсаана 1,948,488 киһи, 51% тыа сирин олохтоохторо. Республика киинэ Нукус хото. Атын улахан хотолоро Ходьайлы, Тахыйатас, Чымбай, Хоҥырат, Муйнак. Сүрүн омуктара харахалпахтар, узбектар, казахтар.

Харахалпахстан омуктара 2021 сыл туругунан:

Дьаһалта үллэриитэ

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Харахалпахстан хаартата

Харахалпахстаҥҥа 16 аймах уонна биир республикатааҕы суолталаах Нукус хото баар.

Аймах Киинэ
Нукус
Амударья аймаҕа Мангыт
Бируний аймаҕа Бируни
Чымбай аймаҕа Чымбай
Элликхала аймаҕа Бостан
Кегейли аймаҕа Кегейли
Муйнак аймаҕа Муйнак
Нукус аймаҕа Акмангыт
Ханлыкүөл аймаҕа Ханлыкүөл
Хоҥырат аймаҕа Хоҥырат
Хараөзек аймаҕа Хараөзек
Шоманай аймаҕа Шоманай
Тахтакөпир аймаҕа Тахтакөпир
Түөрткүөл аймаҕа Түөрткүөл
Ходьайлы аймаҕа Ходьайлы
Бозатау аймаҕа Бозатау
Тахыйатас аймаҕа Тахыйатас
Нукус баһаара

Харахалпахстан сүрүн сир баайдара: айылҕа гааһа, ниэп, гранит, бентонит, каолин, мыраамар. Султан Уайыс хайалара көмүс баайдаахтар.

Тыа хаһаайыстыбата

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Харахалпахстан тыа хаһаайыстыбатын үүннэрэр тутаах култууралара күбэн, рис, сэлиэһинэй. Арал байҕалыгар балыктааһын улахан суолталаах. Дьиэ кыылларыттан сүөһү, тэбиэн, хой иитэллэр.

Тахыйатас итии электростанцията.