Иһинээҕитигэр көс

Бүлүүтээҕи педагогика кэллиэһэ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Бүлүүтээҕи Чернышевскай Н.Г. аатынан педагогика училищета

Бүлүүтээҕи Чернышевскай Н.Г. аатынан педагогика кэллиэһэ (Вилюйский профессионально–педагогический колледж им. Н.Г. Чернышевского) — Бүлүү куоракка баар учууталлары бэлэмниир орто анал үөрэх кыһата.

1922 сыллаахха Бүлүүтээҕи 2-с үктэллээх оскуола Наркомпрос кэллиэгийэтин быһаарыытынан педагогика диэкки эниэлээх II үктэл оскуола буолбута[1].

1927 сыллаахха педагогика техникумҥа кубулуппуттара.

Маҥнайгы дириэктэринэн Казан духуобунай академияны бүтэрбит Петр Новиков буолбута.

1929 сыллаахха техникумҥа Чернышевскай Н.Г. аатын иҥэрбиттэрэ.

1937 сылтан педа��огика училищета буолбута. 2002 сыллаахтан кэллиэс буолбута.

Атахха туруу кытаанаах сылларыгар дириэктэрдээбиттэрэ Эверстов Г.И. (1936 - 1939), Гутин И.Л. (1940 - 1942), Эверстов М.И. (1945 - 1950), Иванов М.С. - Багдарыын Сүлбэ (1958 - 1974).

Билигин училище бэлэмниир алын кылаасстар учууталларын, норуот култууратын учууталларын, оскуола иннинээҕи иитээччилэри.

Элбэх саха интеллигенция бэрэстэбиитэллэрин бэлэмнээн таһаарбыта. Олор ортологугар Социалист Үлэ Дьоруойдара Семенов Г.Т., Бессонов Г.Е., Кондаков Николай Алексеевич — Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа.


  • Энциклопедия Якутии. Якутск, 2000.
  1. СӨ НА, ф.82, оп.1, ед.хр. 67, л. 201